Уһук Илин ипотекатын өрөспүүбүлүкэҕэ 2630 киһи ылла. Онон Саха сирэ Уһук Илин эрэгийиэннэригэр бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьар, суруйар edersaas.ru
Ону тэҥэ, Приморскай кыраай (3000 дуогабар), Хабаровскай кыраай (1495 дуогабар), Бурятия (1235 дуогабар) эмиэ үчүгэй көрдөрүүлээхтэр.
РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин уурааҕынан, 2%-наах ипотеканы Уһук Илин олохтоохторо эрэ буолбакка, бырагырааманан үлэлии тиийбит исписэлиистэр саастарыттан, дьиэ кэргэннэрин балаһыанньатыттан тутулуга суох, эмиэ ылыахтарын сөп.
Бу мобильнай буолууну үрдэтэр бырагырааманан 2019 сылга тыһыынча кэриҥэ исписэлиис үлэлии тиийбит уонна 80%-ра олохсуйан хаалбыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ Уһук Илиҥҥэ 2%-наах ипотеканан барыта 10 895 дуогабар түһэрсиллибит.
Санатар буоллахха, чэпчэки бырыһыаннаах ипотеканы 36 саастарын туола илик эдэр ыаллар уонна Уһук Илин гектаарын бырагырааматыгар кыттар дьон ылар кыахтаахтар.
This post was published on 25.09.2020 17:02 17:02