15 Тохсунньу 15.01
  • -40°
  • $ 103,44
  • 106,25

Уһук Илин байыаннай чаастарыгар Саха сирин айар бөлөҕө тиийэр былааннаах

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Уһук Илин байыаннай чаастарыгар быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттарга анаан Саха сирин бастакы айар бөлөҕө «полевой» кэнсиэр көрдөрүөҕэ. Икки хамаанда баар, манна өрөспүүбүлүкэ тыйаатырдарын артыыстара киирэллэр.

Бастакы бөлөх тоҕус киһилээх, Приморскай кыраайга барар. Артыыстар кэнсиэртэрэ алтынньы 19 — 24 күннэригэр буолуоҕа. Дэлэгээссийэни регион тыйаатырдарын деятеллэрин Сойууһун бэрэссэдээтэлэ, Саха тыйаатырын артыыһа Айаал Аммосов салайыаҕа.

Састаапка Саха тыйаатырын, Эстрада, Үҥкүү, Олоҥхо тыйаатырдары артыыстара, Саха сирин филармониятын солистара, «БалАнс»ансаамбыл уонна филармония саксофонистара киирэллэр.

Айар биригээдэлэр Донецкай уонна Луганскай Народнай Өрөспүүбүлүкэлэргэ тиийэргэ бэлэмнэр. Онно кинилэр быстах байыаннай хомуур кыттыылаахтарыгар анаан тигиллибит аптечкалары, «Симэх» норуот киинин харысхалларын биэриэхтэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА