Дойду баһылыга Илиҥҥи экономическай форум пленарнай сессиятыгар Уһук илиҥҥи уонна арктическай ипотекаларга ставкаларын – 2 %- нын хаалларарга этии киллэрдэ.
«Бырабыыталыстыбаҕа маннык ипотека усулуобуйатыгар сыһыаннаах дискуссиялар буолбуттарын билэбин. Манна туочуканы туруорарга этии киллэрэбин: Уһук илиҥҥи уонна арктическай ипотекаларга ставка уруккутун курдук 2 %-нан хаалыаҕа», — диэтэ Владимир Путин.
Ону тэҥэ Арассыыйа бэрэсэдьиэнэ кэнники ахсаанынан, от ыйын 1 күнүттэн Уһук илиҥҥи региоҥҥа элбэх оҕолоохторго ипотекаларын сабалларыгар бэриллэр төлөбүрү биир мөлүйүөн солкуобайга диэри улаатыннарарга сорудахтаата.
This post was published on 05.09.2024 15:36 15:36