Саха сиригэр 2024 сыл саҕаланыаҕыттан «Уһук Илиҥҥи ипотека» бырагырааманан 769 кирэдьиит бэриллибит. Уопсай суумата 4,4 млрд солк.
Бырагыраама үлэлиэҕиттэн барыта 22,1 тыһыынча Саха сирин олохтооҕо туһаммыт, уопсай суумата 108,1 млрд солк.
Саха сирэ бырагыраама үлэтигэр, Приморскай кыраай кэнниттэн, иккис миэстэҕэ турар.
22 100 ипотекаттан 7008-һа чааһынай дьиэни тутууга бэриллибит. Ол иһигэр 2024 сыл саҕаланыаҕыттан 363, суумата 2,2 млрд солк.
«Семейная ипотека» бырагырааманан олорор усулуобуйаларын үс тыһыынча Саха сирин ыала тупсарынна, кинилэргэ уопсайа 11,34 млрд солк суумаҕа кирэдьиит оҥоһулунна.
This post was published on 14.03.2024 15:39 15:39