Элбэх киһи чэпчэтиилээх Уһук Илиҥҥи ипотеканы 2030 сылга дылы уһаппыттарын үөрэ иһиттэ. Ол эрээри, ипотека дьиҥ ис хоһоонун, туох ымпыктааҕын-чымпыктааҕын сиһилии билэр киһи аҕыйах. Онон СИА бүгүн дьон ипотека туһунан сүрүннээн тугу интэриэһиргиирин «Глобус» риелторскай киинтэн сураста.
Уһук Илиҥҥи ипотеканан ким туһаныан сөбүй?
Уһук Илиҥҥи ипотеканан эдэр ыаллар, учууталлар уонна медиктэр туһаныахтарын син. Эдэр ыаллар 36 саастарыгар дылы ылаллар. Суумата 6 мөл солкуобайга тиийэр, болдьоҕо 20 сылга диэри. Медиктэргэ уонна учууталларга сааһынан хааччаҕа суох эрээри, анал ирдэбил испииһэгэ баар (уопсай үлэ ыстааһа 5 сылтан итэҕэһэ суох буолуохтаах, үлэлиир тэрилтэтэ Уһук Илин уокурукка баара ирдэнэр о. д.а), онно сөп түбэһэр буоллаххына, сайаапка бириэххэ сөп. Чэпчэтиилээх кирэдьиити эмиэ 6 мөл солкуобай тиийэр суумаҕа биэрэллэр, болдьоҕо 20 сылга диэри.
Кирэдьиит биэрдэхтэринэ туох дьиэни ылыахха сөбүй?
Уһук Илиҥҥи ипотеканан саҥа дьиэни ылыахха син эбэтэр учаастак атыылаһан дьиэ туттуохха сөп. Манна бэйэҥ сатаан туттубат буоллаххына, бэдэрээдчити наймылаһан үлэлэтэриҥ көҥүллэнэр.
«Билигин эдэр ыал үксүн ипотеканы чааһынай дьиэ туттарга ыла сатыыллар. Уһук Илиҥҥи ипотеканы медиктэргэ уонна учууталларга биэрэр буоланнар, билигин элбэх киһи ипотекаҕа киирэ сатыыр. Сүрүннээн Владивосток куоракка саҥа дьиэлэри көрөллөр, тус уопуппунан ол диэки элбэх киһи атыыласта. Онтон учаастагы хайа баҕарар сиргэ ылыахха син, кылаабынай усулуобуйата атын хаһаайына суох буолуохтаах«, — диэн уопуттаах риелтор Индилена кэпсиир.
Хамсаабат баайга сыана хаһан даҕаны түспэт, наар тахса турар. Ол гынан баран, бу кэлиҥҥи кэмҥэ “иккис” (вторичка) ырыынакка кыратык түһүү баар.
Дьон ханнык кэмҥэ ордук дьиэ атыылаһарый?
Элбэх киһи саҥа дьыл иннинэ уонна сайын дьиэ атыылаһаары көрдүүр.
Сайаапка биэрээччилэр туох ыарахаттары көрсүөхтэрин сөбүй?
Манна кирэдьиитин историята үчүгэй буолуохтаах уонна чааһынай дьиэ туттарга «поручитель» көрдүүллэригэр кыра ыарахаттары көрсөөччүлэр.
Любовь уонна Альберт Собакиннар Уһук Илиҥҥи ипотекаҕа киирэн саҥа туттубут дьиэлэригэр түмүк-өрөмүөн үлэтин ыыта сылдьаллар. Сотору кэминэн сабыс-саҥа икки этээстээх дьиэҕэ малааһынныахтара. Эдэр ыал учаастак уонна дьиэ ылыытын хайдах былааннаабыттарын туһунан ыал ийэтэ Любовь кэпсээтэ.
Биһиги Уһук Илиҥҥи ипотекаҕа киирэрбитин эрдэттэн былаанныыр этибит. Докумуоммутун бириэхпитин иннинэ кыра кирэдьииттэрбитин саппыппыт уонна историябытын тупсарбыппыт. Онтон 2021 сыл балаҕан ыйыгар талбыт риелторбытыгар пааспарбыт дааннайын ыыппыппыт, салгыы кини бэйэтэ барытын толорон сайаапка ыыппыта, 6 мөл солкуобайга тута баантан сөбүлэҥ кэлэн үөрдүбүтэ.
Биһиги Чурапчыга олорор буоламмыт чааһынай дьиэ туттарга быһаарыммыппыт уонна 2021 сыл сэтинньитигэр тута «сделка» түһэрсэбиппит. Дуогабарбытыгар “строим сами” диэни талан, маҥнай дьиэбит көҥдөйүн оҥорбуппут, онтон салгыы бэдэрээччиттэри булан үлэлэппиппит. Дуогабар быһыытынан кинилэр матырыйаалы барытын бэйэлэрэ ылан, аҕалан туппуттара, этиллибит болдьоххо 2022 сыл кулун тутарга үлэлэрин түмүктээбиттэрэ.
“Строим сами” диэни таламмыт, ордук харчынан дьиэбитигэр гаас да киллэрдибит, эбии гараж тутуннубут, бэл, бытовой тиэхиникэҕэ тиийэ ситэрдибит. Билигин дьиэ иһин хапытаалынайдык өрөмүөннүү сылдьабыт, сотору кэминэн саҥа дьиэбитигэр көһүөхпүт. Уһук Илиҥҥи ипотека буолан төлөбүрэ даҕаны биһиэхэ сөп түбэһэр. Холобура, биһиги 20 сылга диэн ылбыппыт, онуоха ыйдааҕы төлөбүрбүт 25 тыһыынчасолк курдук буолар.
Хаартыскалар: «Глобус» риелторскай киин уонна Собакиннар тус архыыптарыттан
This post was published on 13.12.2022 15:05 15:05