Уһук Илиҥҥи чэпчэтиилээх ипотека бырагыраама болдьоҕун уһатыахтара. Бу туһунан Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Приморскай кыраай губернаторын Олег Кожемяконы кытта көрсүһүүгэ иһитиннэрдэ, НВК «Саха» суруйда.
Эрдэ Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын миниистирэ Алексей Чекунков ВЭФ-2022 форумҥа бырагырааманы 2030 сылга диэри уһатар туһунан этии киллэрбитэ. Уһук Илиҥҥи ипотека билиҥҥи усулуобуйата 2025 сылга диэри үлэлиир.
Дойду бэрэсидьиэнин кытта көрсүһүүгэ Приморье баһылыга Олег Кожемяко Путинтан ипотеканы ылааччыларга 36 саастан 40 сааска уларытар туһунан көрдөстө. Билигин 36-гэр диэри саастаах дьиэ кэргэн 2% ипотеканы ылыан сөп. Кожемяко этэринэн, сорох дьон хойутуу ыал буолаллар. Россия бэрэсидьиэнэ бырагырааманы кэҥэтэри эрэннэрдэ.
This post was published on 07.09.2022 16:28 16:28