Бүгүн, муус устар 6 күнүгэр, Госдума сир сыһыаннаһыыларыгар уонна тутууга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Русских кэмитиэти мунньаҕын ыытар. Бу мунньахха «Уһук Илиҥҥи гектар» туһунан федеральнай сокуон барылын дьүүллэһиэхтэрэ. Биллэрин курдук, сокуон барыла Госдумаҕа бастакы ааҕыыны ааспыта.
«Уһук Илиҥҥи гектар» туһунан федеральнай сокуон барылын Госдума кэмитиэтин мунньаҕар көрүөхтэрэ
Бүгүн, муус устар 6 күнүгэр, Госдума сир сыһыаннаһыыларыгар уонна тутууга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Русских кэмитиэт мунньаҕын ыытар. Бу мунньахха «Уһук Илиҥҥи гектар» туһунан федеральнай сокуон барылын дьүүллэһиэхтэрэ. Биллэрин курдук, сокуон барыла Госдумаҕа бастакы ааҕыыны ааспыта.
Кэмитиэт мунньаҕар Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков, вице-спикер Виктор Губарев, сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев, депутаттар Василий Власов уонна Иван Шамаев кыттыыны ылаллар. Маны сэргэ Саха сириттэн мунньахха СӨ баай-дуол уонна сир сыһыаннаһыыларыгар миниистирэ Евгения Григорьева уонна миниистири солбуйааччы Ньургустаана Пахомова кытталлар.
Ил Түмэн депутаттарын бөлөҕө Госдума сир сыһыаннаһыыларыгар, тутууга кэмитиэтин уонна бу кэмитиэт аппаратын кытары үлэлэстилэр. Парламентарийдар Госдума кэмитиэтэ иннинээҕи күн оҥорон түмпүт көннөрүүлэрин таблицаларын билистилэр.
Бэҕэһээ, муус устар 5 күнүгэр, Александр Жирков Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтигэр Саха сирин депутаттарын уонна ситэриилээх былаас бэрэстэбиитэллэрин кытары оробуочай мунньах ыытта. Мунньах кыттыылаахтара Госдума туһааннаах кэмитиэтэ «Уһук Илиҥҥи уокурукка сири түҥэтии туһунан” федеральнай сокуон барылын иккис ааҕыыга бэлэмнээбит кэлиҥҥи варианын ырыттылар.
Бүгүн Госдума сир сыһыаннаһыыларыгар уонна тутууга кэмитиэтин мунньаҕар көрүллэр федеральнай сокуон барылыгар субъектар киллэрбит этиилэрин, ол иһигэр Саха сирин көннөрүүлэрин дьүүллэһиэхтэрэ. Мунньахха Саха сириттэн сенатор Александр Акимов уонна Госдума депутата Федот Тумусов кыттыахтара.
Туһааннаах сокуон барыла иккис ааҕыыга Госдума пленарнай мунньаҕар кэлэр нэдиэлэҕэ көрүллэрэ былааннананар.