"Уһук Илиҥҥи гектар" бырагырааманан Саха сиригэр 15 тыһыынча сир учаастагын ыллылар

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сиригэр 2016 сылтан саҕалаан, 14 719 сир учаастага «Уһук Илиҥҥи гектар» бырагырааманан дьоҥҥо бэрилиннэ.

Өрөспүүбүлүкэ бу көрдөрүүтүнэн Уһук Илиҥҥэ үс иһигэр киирсэр, диэн иһитиннэрдэ сиргэ сыһыаннаһыыларга министиэристибэ.

Бырагыраама үлэлиэҕиттэн барыта 32 890 сайабылыанньа киирбит.

This post was published on 09.04.2024 10:01 10:01