«Уһук Илиҥҥи гектар» бырагыраама 3000-тан тахса кыттыылааҕа өйөбүлүнэн туһанна

Уһук Илиҥҥи субъектар дааннайдарынан, «Гектар» бырагыраама үлэлиэҕиттэн барыта 915 мөл кэриҥэ солк тустаахтарга өйөбүл оҥоһуллубут, олор ортолоругар Саха сирэ биэс бастыҥ иһигэр киирэр. Оттон кыттааччытын ахсаанынан иккис миэстэҕэ  сылдьар, СИА-ҕа Киһи хапытаалын сайыннарыыга Ааҕыныстыба иһитиннэрдэ.


«Уһук илиҥҥи гектар» бырагырааманан босхо сири ылан, онно бэйэлэрин бырайыактарын олоххо киллэриигэ харчынан өйөбүлүнэн 3000-тан тахса киһи туһанна. Дьон тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар, дьиэ туттар, туристическай бырайыактары тэнитэллэр, маҕаһыыннары, автосервистары уонна да атыны туттуллар. Ол эбэтэр гектар көхтөөх дьоҥҥо көмөлөһөр», — диэтэ тустаах Ааҕыныстыба генеральнай дириэктэрэ Сергей Ховрат.

Сир учаастагын ылыыга 35 өйүүр миэрэ көрүллэр, ол иһигэр граннар, субсидиялар уонна чэпчэтиилэр, анал регионнааҕы көмө эмиэ баар. Ордук интэриэһи сүөһү иитиитигэр субсидия көрүүтэ, хаһаайыстыба тэриниитигэр, «Саҕалааччы фермер», чэпчэтиилээх кирэдьиит ылаллар. Маны сэргэ дьиэ туттуутугар маһы чэпчэтиилээх көрүү эмиэ баар.

Саамай элбэх көмө харчытынан туһанна Хабаровскай кыраай – 456,7 мөл солк. Амур уобалаһыгар — 163,2 мөл солк, Сахалииҥҥа – 100,4 мөл солк. Бастыҥ көрдөрүүлээххэ киирсэллэр Приморскай кыраай уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — 49,3 уонна 41,9 мөл солк, туһааннааҕынан.

Сиһилии https://ysia.ru/bolee-tryoh-tysyach-uchastnikov-programmy-dalnevostochnyj-gektar-vospolzovalis-podderzhkoj/

This post was published on 16.11.2020 12:01 12:01