Уһук Илиҥҥэ туристическай вертолетнай оператор оҥорор кыаҕы дьүүллэһэллэр. Ол туһунан илини сайыннарыы министрэ Алексей Чекунков государственнай сэбиэт президиумун мунньаҕар бэлэмниир семинар- мунньахха иһитиннэрдэ.
«Биһиги, биир өттүнэн, күүстээх вертолет держава буолабыт, Улан- Удэҕэ уонна Арсеньев үчүгэй техникатын оҥороллор, ити эрээри олус ыарахан сыаналаах. Атыылаһарга уонна эксплуатациялыырга ыарахан. Манна стимуллаан, маннык биир кэлим туристическай вертолетнай операторы Уһук Илиҥҥэ эбэтэр өссө киэҥник ылан оҥоруохха сөп. Бу туһунан «Вертолеты России» хампаанньаны кытта кэпсэппиппит, кинилэр бэлэмнэр», — диэтэ.
Итини таһынан, министр санаатынан, кыра иэннээх былаһааккалары чөлүгэр түһэриэххэ уонна самолетунан тиийбэт сиргэ вертолету туһаныахха сөбө этилиннэ.
Россия Президенэ Владимир Путин Илиҥҥи экономическай форум хонуутугар Госсовет президиумун аныгы усулуобуйаҕа национальнай туризм индустриятын сайыннарыы боппуруостарыгар киэҥ мунньаҕы ыытыаҕа. Дойду баһылыгын пресс- сэкиритээрэ Дмитрий Песков бэлиэтээбитинэн, ВЭФ-2022 мунньаҕар дойду баһылыга үгэс буолбут этиитин РФ уопсай экономическай туругар уонна Уһук Илинк регионнарын сайыннарыыга сыанабылы биэриэҕэ.
Хаартыскаҕа: Андрей Сорокин, СИА
This post was published on 05.09.2022 16:33 16:33