Уһук Илиҥҥэ сири босхо биэрии сокуон дьайыытыгар өрөспүүбүлүкэ сирин-уотун 20% киирэр

Уһук Илиҥҥэ гектар сири босхо биэрии сокуон дьайыытыгар өрөспүүбүлүкэ сирин-уотун 20% биэриэн сөп. Итинтэн атына кэккэ сокуоннарынан көмүскэллээх. Ити туһунан парламент сир ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев эттэ.


Гектар сири босхо биэриини сүрүннүүр сокуон дьайыытыгар бэриллэр сир ахсаанын икки бүк кыччаттылар. Саха сирэ киллэрбит көннөрүүлэрин, уларытыыларын быһыытынан үгэс быһыытынан туһаныллар, баайдаах уонна бултуур, уопсай туттуллар сирдэр туора дьоҥҥо бэриллибэттэр.

Владимир Прокопьев этэринэн, сири босхо биэриигэ кытаанах ирдэбиллэр бааллар. Бүтэһиктээх бырайааҥҥа ыйылларынан, 25 төрүөккэ олоҕуран сири биэриини тохтотуохха сөп.

«Билигин күүһүгэр сылдьар РФ сиргэ кодекса баар итэҕэһи-быһаҕаһы кытта эйэлэһимтиэ эрээри сири ылыы процедурата чэпчэкитэ суох. Оттон Уһук Илиҥҥэ сири босхо биэрии сокуоҥҥа хааччахтааһын элбэх», — диэтэ кини.

This post was published on 06.05.2016 09:55 09:55