22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Уһук Илиҥҥэ сири босхо биэрэр сокуону сенатордар утардылар

12:43, 29 апреля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Уһук Илиҥҥэ гектар сири босхо биэрии тула мөккүөр уҕараабат. Федерация Сэбиэтин мунньаҕар сокуон барылын ымпыктаан дьүүллэстилэр.


Сенатордарга сүрүн иһитиннэриини Федерация Сэбиэтин аграрнай-ас-үөл политикаларыгар, айылҕаны туһаныыга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Степан Жиряков оҥордо. Кини этэринэн, сокуон быһыытынан Саха сиригэр, Камчатка, Приморье, Хабаровскай кыраайдарга, Амур, Магадан, Сахалин уобаластарыгар, Еврейскэй автономнай уобаласка, Чукотка автономнай уокуругар сир бэриллиэҕэ.

«Тоҕо сокуон барыла Уһук Илини сайыннарыа дии саныыгыт?», — диэн ыйытыгы сенатор Вячеслав Штыров сытыытык туруорда. Онуоха Уһук Илини сайыннарыы миниистирин солбуйааччы Кирилл Степанов бу региоҥҥа уонна РФ гражданнарын ортолоругар ыытыллыбыт социологическай чинчийиитэ маныаха интэриэс улаханын быһаарбытын эттэ.

«Ону таһынан бу дьаһал Уһук Илини сайыннарыыга, дьону олохсутарга ураты улахан суолталаах», — диир кини.

Вячеслав Штыров Федерация Сэбиэтэ Уһук Илини сайыннарыыга элбэҕи оҥорорун бэлиэтээтэ.

«Ол гынан баран, Уһук Илиҥҥэ гектар сири босхо биэрии туһунан сокуон туһата суох, сокуон каадырдары тардыыга да, олохсута хаалларыыга да туһаайыллыбат», — диэтэ сенатор.

Сокуон ис хоһоонун сирийэн аахтахха, РФ хас биирдии граждана сири интернет нөҥүө электоронно ылыан сөп. Онтон салгыы сири туһаҕа таһаарары киниэхэ ким да эбээһинэстээбэт. Биэс сыл иһигэр тугу да гыммакка эрээри, сылга иккитэ отчуот ыытыынан муҥурданыахха, ол кэнниттэн сири бас билиигэ ылыахха сөп. Онтон салгыы кадаастыр сыанатын 15%-гар атын учаастактары атыылаһарга кыах бэриллэр. Ону таһынан бас билээччи кимиэхэ баҕарар, ол иһигэр омук дьонугар сирин атыылыыр бырааптаах. Ити туһунан Вячеслав Штыров эттэ.

«Сири босхо ылар дьон эппиэтинэстэрин туһунан ханна да суруллубат. Саамай сүрүнэ – биэс сыл тулуктаһыахха наада. Сир раньтетын саҥа кылааһын үөскэтэбит буолбатах дуо? Төрүт туһата суох сокуон. Манна сир хайдах туһаныллыахтааҕа ситэри толкуйдамматах. Ити Уһук Илини сайыннарыыга хайдах дьайыай?», — диир кини. Вячеслав Штыров сокуон барылын тохтоторго, ситэри оҥорорго, ол эрэ кэннэ дьүүллэһиигэ киллэрэргэ эттэ.

Сенатор Александр Акимов эмиэ итинник санааны тутуһар.

«Саха сирин дьоно бу сокуонтан долгуйара оруннаах. Тоҕо диэтэххэ, өрөспүүбүлүкэ сирэ-уота байым баайдаах. Ити баайы хостоору, туһанаары эрэ дьон сири ыла сатыахтарын сөп», — диир кини. Сокуону күүһүгэр киллэриигэ тиэтэйбэккэ, ситэри-хотору оҥорорго эттэ.

Маннык уонна маныаха майгынныыр санаалары Уһук Илин регионнарын бэрэстэбиитэллэрэ эмиэ ойуччу тутан бэлиэтээтилэр. Холобур, сенатор Николай Рыжков сокуону ылыммакка, саамай сүрүнэ ойууру түҥэппэккэ эттэ.

Ити курдук сокуон барылын өйүүр да, утарар да элбэх санаа этилиннэ. Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенко сенатордар долгуйаллара сөбүн, ол гынан баран Уһук Илини уонна Сибиири түргэн тэтиминэн сайыннарыы Россия бөдөҥ национальнай бырайыага буоларын чиҥэтэн бэлиэтээтэ. «Дьон Уһук Илиҥҥэ кэлэн олохсуйалларыгар ыҥырыы номнуо тарҕанна. Регионнар сөбүлэҥнэрэ суох сир бэриллиэ суоҕа», — диэтэ кини.

Валентина Матвиенко сокуон барылын ылынарга, тустаах, интэриэстээх биэдэмистибэлэр бука бары холбоһон, бу сыл балаҕан ыйыгар диэри оробуочай бөлөҕү тэрийэллэригэр этии киллэрдэ. Оробуочай бөлөх Уһук Илини сайыннарыы министэристибэтин кытта сокуону ситэриэҕэ, итэҕэстэрин туоратыаҕа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА