Уһук Илиҥҥэ сири биэрии сокуонун тула өрөспүүбүлүкэ былааһын уоргана уонна уопсастыба хардарыта дьайсан, сүбэлэһэн-амалаһан оҥорбут этиилэрэ сокуон бүтэһиктээх резолюциятыгар киириэхтэрэ.
Саха сирин уопсастыбаннай балаататын эксперэ Зоя Корнилова этэринэн, уопсастыбаннай экспертизаны оҥорууга Саха сирин этиилэр учуоттаныахтара.
«Ойуур фондатыгар киирсэр, кадаастыр учуотугар ылыллыбатах төрүт олохтоох омуктар сирдэрин-уоттарын туһунан боппуруоһу сытыытык туруорбуппут. Уһук Илиҥҥэ гектар сири түҥэтиигэ Саха сирин төрүт олохтоох, аҕыйах ахсааннаах норуоттарын сүрүннүүр сокуоҥҥа ыйыллар кинилэр айылҕаны туһаныыга үгэс буолбут сиргэ бырааптара дьайарын туруорустубут», — диэн Зоя Корнилова СИА-ҕа эттэ.
Итини таһынан Саха сирин бэрэстэбиитэллэрэ чинчийиллибэтэх сир баайдах геологическай учаастактарга анаммыт боппуруоһу сытыытык көтөхпүттэр.
«Бу сирдэри судаарыстыба резервэтигэр хабыллар сир ахсааныгар киллэрэри туруулаһабыт. Маны РФ бырабыыталыстыбата 2035 сылга диэри болдьохтоон киллэрэн биэриэн сөп. Онон ситэриилээх былаас уорганнарын кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиир сорук турар», — диэтэ кини.
Регистрацияламматах, ол иһигэр уопсай туһаныллар сирдэр тула баар кыһалҕаҕа болҕомто ууруллубут. Итиниэхэ болдьоҕу сыл аҥаарыгар диэри уһатыы булгуччу киириэхтээҕэ этиллибит. Бу көннөрүү РФ уопсастыбаннай балаататын резолюциятыгар аахсыллыаҕа.
Россия уопсастыбаннай балаататын чилиэнэ, Саха сиринээҕи балаата салайааччытын солбуйааччы Марина Богословская Уһук Илин регионнара бука бары, федеральнай былаас уоргана, гражданскай холбоһуктар, ол иһигэр «Сир» уопсастыбаннай тэрилтэ экспертизаҕа кыттыбыттарын СИА-ҕа бэлиэтээтэ.
«Регионнааҕы балаата эксперэ Зоя Корнилова сүрүн иһитиннэриини оҥорбута. Биллэн турар, сокуон ылыллыаҕа, онуоха регион уратыта төһө кыалларынан аахсыллыахтаах. Үрдүкү таһымҥа биһиги этиилэрбитин иһиттилэр уонна бииргэ үлэлииргэ бэлэмнэр. Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтин салайааччытын солбуйааччы Кирилл Степанов Уһук Илин регионнарыттан Саха сирэ эрэ бу сокуоҥҥа чопчу уонна чуолкай этиилэри киллэрэн көхтөөхтүк үлэлэһэрин чиҥэтэн эппитэ. Кинилэр федеральнай структуралары, Госдума депутаттарын кытта хардарыта үлэлииллэрин ыйбыта», — диэтэ Богословская.
Марина Олеговна бэлиэтииринэн, быһа холуйан ыам ыйыгар РФ Уопсастыбаннай балаататыгар төрүт олохтоох омуктар сиргэ бырааптарыгар анаммыт туспа истии, кэпсэтии буолуоҕа.
Судаарыстыбаннай былаас уорганнарыгар туһаайыллыбыт сүбэлээх, этиилээх түмүк резолюция бу нэдиэлэ бүтүүтэ бэлэм буолуохтаах.
Урукку өттүгэ Уһук Илиҥҥэ гектар сири биэрии сокуонун Госдума иккис ааҕыытыгар муус устар 12 күнүгэр ырытыаҕа диэн баара. Ити болдьох уһатыллыбыт, онон этиилэри тиэрдэргэ кыах бэриллибитин Богословская чиҥэтэн эттэ.
This post was published on 13.04.2016 14:01 14:01