Уһук Илин регионнарыгар медицина көмөтүн тириэрдиигэ 2023 сыл тохсунньутуттан санитарнай авиация үбүлээһинин икки төгүл улаатыннардылар.
Дьаһал элбэх көтүүнү оҥорууга туһаайыллар, диэн РФ доруобуйа харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччыта Виктор Фисенко Благовещенскайга буолбут «Демографическое развитие Дальнего Востока и Арктики» конференцияҕа эттэ.
Ыраах сытар территориялары медицинскай өҥөнөн хааччыйыыга баар кыһалҕалар тустарынан «Повышение продолжительности жизни на Дальнем Востоке и Арктике» пленарнай сессияҕа кэпсэттилэр. Экспертар бэлиэтээбиттэринэн, телемедицинанан консультациялар ардыгар ыарахан турукка киирбит пациеҥҥа көмөлөһөр кыахтара суох буоларын учуоттаан, санавиация наадата этилиннэ.
«Президент Владимир Путин Илиҥҥи экономика форумугар санавиация көтүүлэрин элбэтэр туһунан сорудах биэрбитэ. 2023 сыл тохсунньутуттан Уһук Илин регионнарыгар үбүлээһин улааппыта», — диэтэ Фисенко.
Сиһилии https://ysia.ru/na-dalnem-vostoke-v-dva-raza-uvelichili-obem-finansirovaniya-sanaviatsii/
This post was published on 07.07.2023 15:33 15:33