Уһук Илиҥҥэ кибератаканы утарар бастакы киин Дьокуускайга арылынна

Хаартыска: ЯСИА саайта

Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи инфокоммуникационнай технология баазатыгар Уһук Илиҥҥэ кибератаканы утарар бастакы киин арылынна. Манна кибер-кутталга мониторинг, анаалыс уонна суһал харда оҥоһуллуоҕа. Итиэннэ информационнай куттал суох буолуутугар исписэлиистэри үөрэтиэхтэрэ.

«Цифровой эйгэ үчүгэйдээх да, куһаҕаннаах да. Кибер-масыанньыктааһын тэнийдэ, буруйу оҥоруу элбээтэ. Цифровой билиини үрдэтиэххэ наада нэһилиэнньэ ортотугар. Бөдөҥ секторы ылан көрөр буоллахха, кибератакаҕа улахан хампаанньалар уонна тэрилтэлэр күн аайы түбэһэллэр. Официально этэбин — дьиҥнээх кибер-сэрии буола турар», — диэтэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов.

Кини бэлиэтээбитинэн, өрөспүүбүлүкэ араас ресурсаларын алдьата сатааһын хаһан да тохтообот.

«Араас интернет-ресурсалары оҥоро олорон, усулуобунай кибервойскалары тэрийбэт буолуу сыыһа. Онон бу саха кибер-этэрээтэ баар буолла», — диэтэ Анатолий Семенов.

Саҥа киин Россияҕа оҥоһуллубут бырагыраамаларынан хааччыллар, кинилэр аан дойдуга бастыҥнар кэккэлэригэр киирэллэр. Билигин кииҥҥэ хас да саха хампаанньата холбосто.

Инновация миниистирэ Василий Ефимов эппитинэн, Саха сиринээҕи кибератаканы утарар киин — Уһук Илиҥҥэ бастакы эбийиэк буолар. «Биһиги судаарыстыбаннай салайыы эрэ секторын хааччыйбаппыт, корпоративнай уонна чааһынайдар эмиэ киирсэллэр. Киин Саха сиригэр уонна атын регионнарга кибер-куттал суох буолуутугар көмөлөһүө диэн эрэллээхпин», — диэтэ миниистир.

Дьокуускайга «Цифровой алмаз» III Федеральнай пуорум буола турар.

This post was published on 13.11.2024 10:06 10:06