Уһук Илиҥҥэ гектар сири босхо биэрии сокуонунан туһанарга 135 сайабылыанньа киирдэ

Алтынньы 1 күнүттэн саҕалаан Уһук Илиҥҥэ гектар сири босхо биэриини сүрүннүүр федеральнай сокуон иккис түһүмэҕэ күүһүгэр киирдэ. Саха сириттэн икки күн иһигэр маннык сири ылыан баҕалаах дьонтон 130 сайабылыанньа киирдэ.


Баай-дуол, сир сыһыаннаһыыларын министиэристибэтин дааннайдарыгар көстөрүнэн, алтынньы 1 уонна 2 күннэригэр уопсайа 135 сайабылыанньа, ол иһигэр федеральнай информационнай систиэмэ нөҥүө — 107, кумааҕынан — 28 киирбит.

Дьон Алдан, Амма, Бүлүү, Мэҥэ-Хаҥалас, Ньурба, Нам, Чурапчы, Хаҥалас улуустарыгар сир-уот ылар баҕалаахтарын биллэрбиттэр.

Итинтэн саамай элбэх сир Хаҥалас улууһугар тиксэр.

This post was published on 03.10.2016 16:33 16:33