Вице-премьер Юрий Трутнев Дьокуускайга кэлэ сырыттаҕына Уһук Илин олохтоохторугар чэпчэтиилээх ипотеканы киллэрии туһунан кэпсэттилэр. Айсен Николаев «Быһа кэпсэтии» кэмигэр эппитинэн, күүтүүлээх уураах ахынньы 10 күнүгэр диэри тахсыахтаах.
Уһук Илиҥҥи уокурук Сэбиэтин саамай көдьүүстээх боппуруоһунан 2%-наах ипотеканы олоххо киллэрии болдьоҕун быһаарыыта буолар. Санатар эбит буоллахха, маннык ипотекаҕа чэпчэтиини ылыы туһунан быһаарыыны Владимир Путин киллэрбитэ.
«РФ бырабыыталыстыбатын уурааҕа министиэристибэлэринэн бигэргэтиини ааста. Билигин докумуон вице-премьер сөбүлэһиитигэр баар. Биһиги ахсынньы 10 күнүгэр диэри илии баттанарыгар эрэнэбит«, — диэтн иһитиннэрдэ Айсен Николаев.
Кини итини сэргэ, чэпчэтиилээх ипотеканан туһанар дьон саастара 35-нэн хаалбытын эттэ. Маны сэргэ атын усулуобуйаларынан — кредити дойду сүрүн бааннарыгар оҥорторуллар, харчыны бастакы уонна иккис ырыынактарга дьиэ ыларга, тыа сиригэр уонна «Биир гектарга» дьиэ тутарга туттуллар.
«Өссө бырагырааманы кытта сибээстээх техническэй боппуруостар бааллар. Территорияларынан чэпчэтиини биэрии хайдах барыахтааҕа, куораттарынан, оройуон кииннэринэн лимиттэр хайдах тыырыллыахтаахтарыгар. Субъектар уратыларын учуоттуур наадата этилиннэ», — диэн кэпсээтэ Ил Дархан.