Уһук Илиҥҥэ авиабилиэти субсидиялааһын бырагыраамата тохтотуллубат

Владимир Путин пресс-конференциятын кэмигэр Уһук Илиҥҥэ сөмөлүөтүнэн айан иһин билиэти субсидиялааһын бырагыраамата салгыы үлэлиэ дуо диэн ыйытыы киирдэ. Судаарыстыба баһылыга «баар буолуоҕа уонна өссө кэҥэтиллиэҕэ» диэтэ.  


«Биһиги бырагырааманы салгыы өйүөхпүт. Атын регионнарга сигэнэн өссө кэҥэтиллиэн сөп. Уопсайынан, дьон дохуоттаах буоларын ситиһиэхтээхпит уонна айан иһин ороскуоту аччатыахтаахпыт. Маннык дьаһаннахпытына авиабилиэккэ тарыып кыччыырын ситиһиэхпит», — диэтэ Владимир Путин.

Санатар эбит буоллахха, субсидиялаах тарыыбы 22 авиахампаанньа, ол иһигэр «Якутия» хампаанньа туруорар.

This post was published on 20.12.2019 09:55 09:55