«Уһук илиҥҥи гектар» судаарыстыбаннай бырагыраама куруук тупсарылла турарга наадыйар. Бу күннэргэ РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтигэр бастакы гектардарын туһаҕа таһаарбыт дьоҥҥо иккистэрин биэрэр туһунан дьаһалы түргэтэтэллэригэр эттэ. Атырдьах ыйыгар «Арктика гектара» бырайыагы кытта холбуу тутуллан үлэтэ саҕаланыаҕа, СИА суруйар.
Сокуон барыла бэлэм уонна бырабыыталыстыбаҕа киллэрилиннэ. Бу күннэргэ Госдуумаҕа көрүллүөхтээх. Бу туһунан тустаах миниистир Алексей Чекунков эттэ.
«Госдуумаҕа киириитин күүтэбит, бастакы гектардарын туһаҕа таһаарбыт дьон атырдьах ыйыттан иккистэрин ылалларын курдук үлэ барыахтаах. Маны сэргэ «Арктика гектара» саҕаланыа. Арктика туспа, ол иһин манна ураты сыһыан баар буолуоҕа. Бастатан туран, ордук чорботон туризмы уонна рекреацияны кытта сыһыаннаах буолуоҕа, тыа хаһаайыстыбатынааҕар, ити эрээри сүөһү иитиитэ эмиэ киирсиэн сөп», — диэтэ миниистир.
Чекунков этэринэн, Уһук Илиҥҥи гектар бырайыага дьон тутулуга суох бэйэтин бизнеһин сайыннарарыгар, дьиэ туттарыгар саамай табыгастаах.
This post was published on 18.03.2021 10:32 10:32