Уһук хотуттан байыаннай сулууспаҕа мобилизациянан эбэтэр хантараагынан сылдьааччылар сокуонунан көрүллэр уоппускаҕа айан иһин босхо төлөбүрдэрэ, кинилэр дойдуларыгар кэллэхтэринэ, хааччыллар. Уураахха Михаил Мишустин илии баттаата.
Компенсацияҕа Уһук хоту уонна онно тэҥнээх территорияҕа олорооччулар бырааптаахтар. Икки сылга биирдэ үлэни биэрээччи суотугар уоппускаҕа барыыларыгар — кэлиилэригэр айаннарын уонна таһаҕастарын төлөбүрэ төлөнөр.
Үлэ кодексынан мобилизациянан эбэтэр хантараагынан байыаннай сулууспаны ааһааччылар үлэ дуогабардара тохтотуллар, ити эрээри үлэ миэстэтэ оннунан хаалар. Онон, айан иһин төлөбүрү ылыыга бырааптара хааччыллар.
Докумуоҥҥа сурулларынан, мунньуллубут чэпчэтиитинэн СВО кыттыылааҕа сылга биирдэ туһаныан сөп, суруйда https://t.me/government_rus.