Уһук Хоту сиргэ көрүллэр эбии төлөбүрдэргэ НДФЛ үрдээбэт

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Арассыыйаҕа түһээн саҥа тиһигэ быйыл ылыллыахтаах. Бэрэсидьиэн Владимир Путин Саха сиригэр кэлэ сылдьан, Уһук Хоту сир олохтоохторугар сыһыаннаах улахан быһаарыы ылбыта.

“Российская газета” суруйарынан, Госдуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин: “Бэрэсидьиэн сорудаҕынан, Уһук Хоту сир оройуоннарыгар, онно тэҥнэммит сирдэргэ, сөбө суох уонна ураты климатическай, экологическай усулуобуйалаах эрэгийиэннэргэ олорор дьоҥҥо көрүллэр эбии төлөбүрдэргэ, надбавкаларга НДФЛ үрдүө суоҕа. Бу биһиги Бэрэсидьиэммит Владимир Путин быһаарыыта. Госдуума дьокутааттара сөптөөх көннөрүүнү бэлэмнээн баран ылыннылар”, — диэн иһитиннэрдэ, суруйар Саха сирэ саайт.

This post was published on 11.07.2024 13:03 13:03