30 Алтынньы 30.10
  • -17°
  • $ 97,33
  • 105,44

Уһук хоту даҕаны толору хааччыллыыны киллэриэххэ сөп

16:54, 19 апреля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ Тупсарыы сыла биллэриллэн, сүрүн болҕомто итиниэхэ туһаайыллар. Бу сылга нэһилиэнньэлээх пууннары эрэ тупсарыыга буолбакка, дьон-сэргэ олорор дьиэтин аныгылыы оҥорууга ылсан эрэр.


Ааспытын өттүгэр киин эрэ сирдэргэ толору хааччыллыылаах олоруу дьиэлэрэ баар буолуохтаахтарын курдук өйдөбүл баар эбит буоллаҕына, билигин тыа сирдэригэр олох-дьаһах тупсарыгар үлэ ыытыллан эрэрэ үөрдэр. Буолаары буолан ыраах, уһук хоту улууска дьон санаатын ууран, олоҕун чэпчэтэр суоллары тобулара бу дьон ыарахантан чаҕыйбат күүстээх санаалаахтарын туоһулуур.

Орто Халыма улууһун биир саамай ыраах сытар нэһилиэгинэн Иккис Хаҥалас нэһилиэгин Эбээх бөһүөлэгэ буолар. Бу манна нэһилиэнньэ дьиэтигэр толору хааччыллыыны киллэриигэ ылсыбыта хаһыс да сыла. Ол курдук үгүс сылларга оҕо саадыгар иитээччинэн үлэлээбит, билигин сынньалаҥҥа олорор Анастасия Егоровна Николаева чааһынай дьиэтигэр толору хааччыллыыны киилэрэн үөрүүтэ муҥура суох. Кини дьиэтэ киин хочуолунайга холбоно илик буолан, уутун-хаарын бэйэтэ бастан, маһынан буолбакка, «жарок» оһоҕунан дьиэтин баччааҥҥа диэри оттунан кэлбит. Оттон быйыл итиниэхэ эбии сэлээркэнэн оттуллар оһоҕу киллэртэрэн, аныгылыы иһитин-хомуоһун кыраантан сылаас уунан сууйар кыахтаммыт. Итини таһынан баанналанан, унитазтанан, таҥас сууйтарар автомат-массыыналанан, сорох куорат олохтооҕунааҕар бэртик дьаһанан олорор.

Анастасия Егоровна 4 оҕо истиҥ ийэтэ, улахан уола Дьокуускайга үлэлиир, икки кыыһа ыал буолан туспа олороллор, оттон мурун бүөтэ кыра уола устудьуон. Онон билигин кини дьиэтигэр соҕотоҕун олорор. Устудьуон уолугар көмө буолуом диэн сүөһү ииттэн, билигин икки ыанар ынахтаах.

Тыа сиригэр олох-дьаһах уустуктардааҕа биллэр суол. Онон эдьиийин олоҕун чэпчэтэр сыалтан Анастасия Егоровнаҕа быраата саҥа оһоҕу, туох баар наадалаах тэрилин холбоон биэрбит. Ол курдук сэлээркэ оһоҕу холбообут. Итиниэхэ аныгылыы салайар пультаах. Пультка икки бырагыраама холбонор. Холобур, «Дом» диэнигэр дьиэтигэр бэйэтигэр сөптөөх температураны туруорбут. Анастаия Егоровнаҕа пультугар 23 кыраадыс сылаас диэн турар. Өскөтүн дьиэ итинтэн намыһах кыраадыстаннаҕына, оһоҕо 23 кыраадыска диэри бэйэтэ холбонон сылыппытынан барар.

Иккис бырагыраамата «Удобство» диэн. Дьиэлээх хаһаайка суунуон баҕардаҕына пультугар бу кнопканы баттыыр. Оччотугар буочукаттан насос ууну сэлээркэ оһоххо тиэрдэр, манна уу сылыйан баран эргийэн суунар хоско тиэрдэр. Манна дьэ, хаһаайка сылаас уунан төһө баҕарар бааннатын толорон суунар кыахтанар. Оттон сайыҥҥы өттүгэр сэлээркэни ороскуоттаабат инниттэн уотунан барар ууну сылытар тэрили холбоммут. Туһаныллыбыт уута таһырдьа буочукаҕа туолар. Ону билигитэ нэһиэлэккэ анал тиэхиньикэ суох буолан, тоҥмут ууну бэйэтэ хоҥнорон аймах уолаттарынан сыбаалкаҕа тиэйтэрэр эбит.

Бу курдук аныгылыы дьаһанан, уһук хоту да улууска бэйэ дьиэтигэр толору хааччыллыыны киллэрии үтүө холобурун көрөн итэҕэйдибит, сөхтүбүт-махтайдыбыт. Анастасия Егоровна быраатыгар, Иван Егорович Слепцовка махтала муҥура суох. Санатан эттэххэ, Иван Егорович 4 сыллааҕыта нэһилиэгэр аан бастакынан дьиэтигэр бу курдук аныгылыы хааччыллыыны киллэстибитэ. Онон кини саҕалаабыт бачыымын атын да олохтоохтор ылынан, салгыы олохторо тупсарыгар туһаныахтарыгар эрэллээхпит.

Билигин саамай сүрүнэ — нэһилиэнньэ маассабайдык хааччыллыыны киллэрдэҕинэ, септиктэр элбиэхтэрэ, ол иһин туһаныллыбыт ууну оборторорго бүтүн нэһилиэги хааччыйар массыына наадата өйдөнөр. Ону кытта нэһилэнньэ ыраас ууну тиэйэр массыынаҕа баҕарар. Маныаха Иккис Хаҥалас нэһилиэгин баһылыга Юрий Егорович Гуляев «Биһиги нэһилиэкпитигэр бу курдук биирдиилээн ыал дьиэлэрин оҥостон эрэр. Онон бастакы хардыынан «Беларусь» тыраахтарга емкость туруоран ууну оборторууну киллэрэн эриэхпит. Салгыы массыынаны ыларга үлэлэһиэхпит. Бэйэбит дьонтон холобур ылан, оскуолабытыгар быйыл толору хааччыллыыны киллэрэри былааннаатыбыт», — диэн санаатын үллэһиннэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА