Игнатий Слепцов Саха сирин биллиилээх ыҥырыаны иитээччи Евгений Поличкоҕа икки ыйдаах ааҕыы кууруһугар күөрэммитэ. Бу сыл биэс ыҥырыа дьиэ кэргэнин 20 күн устата Дьааҥы саамай уһук нэһилиэгэр Барыласка илдьэн ииппитэ. Инньэ гынан, хоту, Арктика эрэгийиэнигэр ыҥырыаны ииппит бастакы киһинэн буолар.
Ханнык баҕарар үлэ кэккэ ыарахаттардаах. Ол курдук, ыҥырыаны иитии эмиэ “сүрэхтээх” киһи үлэтэ.
Игнатий Слепцов: «Үгүс күчүмэҕэйдээх үлэ. Сороҕор уйалар эрэ тураллар, ыҥырыалар мүөт хомуйа көтөллөр курдук көстүөн сөп. Ол эрээри, оннук буолбатах. Барыта кэтэбиллээх, кэккэ бириэмэнэн оҥоһуллар. Ыҥырыанан сылаас соҕуруу дойдуларга табыллан дьарыктаналлар. Оттон биһиэхэ килиимэппит уратылааҕа олус улахан оруоллаах. Кичэллээх көрүү-истии ирдэнэр«, – диэн этэр.
Кини этэринэн, Саха сирин ыҥырыатын мүөтэ сир ахсын ураты буолар. Сорох сиргэ сырдык, хараҥа, атын сиргэ хойуу, убаҕас. Ыҥырыа турар сирин айылҕатыттан улахан тутулуктаах. Ыҥырыа мүөтэ атырдьах ыйын 14 күнүттэн ситэр. Ол иннинэ ылыллыбыт мүөт сиппэтэх мүөккэ киирсэр.
«Мүөппүтүн атырдьах ыйын 14 күнүттэн саҕалаан хомуйбутунан барабыт. Мүөттээх араама 100% маҥан хаҕынан бүрүөһүннэммит буоллаҕына сиппит дэнэр. Оннук бүрүллүбүт мүөт хаһан да буорту буолбат. Аны туран, уйаттан мүөттээх арааманы олоччу ылар көҥүллэммэт. Алта киилэ мүөт хайаан да хаалыахтаах. Онон ыҥырыалары кыыһырдыбат туһуттан, уйа аайыттан 2-3 арааманы хомуйабыт. Сорох араама 5 киилэ буолар. Бу арааманы эргитэн 3-4 киилэ мүөтү ылаҕын. Мүөтү эргитэргэ анал оҥоһуулаах медогонка диэн атыыланар. Бу медогонкаҕа сылаас күҥҥэ, ол эбэтэр сылаас дьиэҕэ эргитиллэр«, — диир .
Ыҥырыаны иитээччи сүбэлииринэн, кыстыкка анал дьиэ бэлэмнэнэр. Онно улахан доргуур, тыас-уус суох буолуохтаах. Таһырдьа 15 кыраадыс тымныйда да, кыстыыр дьиэҕэ киллэриллэр. Кыһыҥҥы кэмҥэ олох эрдэттэн бэлэмнээһин үлэтэ ыытыллар. Күһүн атырдьах ыйын бүтэһигэр сироп оҥорон, ону хомуйтараҕын, биир уйаҕа 20-25 киилэ сироп хомуллуохтаах. Бу сироптарын ыҥырыалар оҥорон (инвертируйдаан) мүөккэ кубулутуохтаахтар. Ол иһин атырдьах ыйын ортотуттан да эрдэ саҕалыыр сөп. Кыстык кэмигэр ыҥырыалар кулууп диэни тэринэллэр. Ол аата төгүрүк, ньолбуһах мээчик курдук быһыылаахтык бары бөлөхтөһөн сылдьаллар. Манна ийэ ыҥырыаларын бу кулууптарын иһигэр илдьэ сылдьаллар. Тоҥмут ыҥырыа иһирдьэ киирэр, ирбит тахсар. Ол курдук, сыл устата бэйэ-бэйэлэрин сылаастарынан кыстыыллар. Кыстыыр температуралара -5, +2 кыраадыс икки ардынан буолуохтаах.
«Саас ыам ыйын бүтэһигиттэн, атырдьах ыйын бүтүөр диэри, онтон кыстыкка бэлэмнэнии саҕаланар. Атырдьах ыйын бүтэһигиттэн “падевай” мүөтү – үөн-көйүүр, от-мас сүмэһинин хомуйуохтарын сөп. Бу маннык күһүҥҥү мүөт доруобуйаҕа ордук туһалааҕынан биллэр«, – диэн Игнатий бэйэтин билиитин-көрүүтүн кэпсиир.
Саха сиригэр мүөт атыыга барар сыаната араас эбит. Холобур, билигин атыылааччылар былырыыҥҥы сыананан киилэтин 1500 солкуобайга биэрэллэр. Онтон сорохтор 3000 солкуобайга тэҥнииллэр. “Ол эрээри, бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын үрдүктүк тутуохтаахпыт, Саха сирин мүөтэ биир бастыҥ бородууксуйанан биллиэхтээх”, – диэн эдэр пчеловод санаатын үллэстэр.
Ыҥырыаны тиэйиигэ кэккэ ыарахаттар бааллара биллэр. Игнатий Приморьеҕа 35, Хабаровскай кыраайга 40 сыл ыҥырыаны иитиинэн дьарыгырбыт улахан уопуттаах пчеловодтары кытта билсэр. Онон кинилэр сүбэлэринэн-амаларынан бэйэтэ көрөн-истэн, ылан кэлэр. Былырыын уонна быйыл аҕалан тарҕаппыта. Былырыын аҕалбыт ыҥырыаларын сороҕо кыстыгы туораабыттара, онон быйылгылар да көрүүтүн-истиитин таптахха, кыстыгы этэҥҥэ туоруохтарын сөп. Игнатий ыҥырыанан дьарыктанар биир киһи холугар 30 уйаны иитии табыгастааҕын ыйар. Урукку кэмҥэ биир киһиэхэ 70 уйаны аныыллар эбит. Оттон анаан-минээн ыҥырыанан эрэ дьарыгырар киһи 100 уйаны көрүөн сөптөөх.
Ыҥырыаны иитээччилэр Саха сирин кыһына тымныыта бэрдиттэн кыстыкка улахан ыарахаттары көрсөллөр. Онуоха Игнатий Слепцов ааспыт кыһын оруобуна 10 сыыһаны бэлиэтэммит. Ити курдук, сылын ахсын сыыһаларын көннөрүнэн истэҕинэ, кыстыгы үчүгэйдик туораан, сайдыы суолугар үктэнэр кыахтаах. Онтон аны сайынын курааннаан, быйыл ыҥырыаларын Аллараа Бэстээххэ өрүс хочотугар сибэккилээх сиргэ көһөрөн туруорбута.
Ааптар: Ольга Шепелева, Уус Алдан, @muru.sahargata
This post was published on 24.09.2021 15:01 15:01