Кулун тутар 1 күнүттэн тырааныспары тэхиниичэскэй көрүү быраабылалара уларыйаллар. Диагностика картата ити күнтэн электроннай буолуо, техосмотр булгуччу хаартыскаҕа түһэриллиэ, массыына координаталарын ыйыахтара. Бу туһунан «Автоновости дня» портал суруйар.
Саҥа быраабыланан, массыынаны хаартыскаҕа техосмотр иннинэ, кэннинэ түһэриэхтэрэ. Хаартыскаҕа массыына нүөмэрэ, маарката, өҥө чуолкай көстөр буолуохтаахтар. Хаартыскалары тута ЕАИСТО электроннай баазатыгар ыытыахтара.
Диганостика картата электроннай буолуо. Манна тэхиниичэскэй көрүүнү ыыппыт эксперт электроннай илии баттааһына туруо. Кумааҕы каартаны ирдэбил быһыытынан, кыраныысса таһыгар тахсарга эрэ ылыахха сөп буолуо.
Техосмотры ыытар үлэһиттэргэ ирдэбил кытаатыа. Өскөтүн кинилэр диагностика каартатын массыынаны бэрэбиэркэлээбэккэ эрэ биэрэр түбэлтэлэригэр 5-тэн — 300 тыһ диэри ыстарааптаныахтарын сөп. Оттон каартаны автостраховщиктар сойуустарыгар аккредитациялаабакка эрэ биэрэр түгэннэригэр — сокуоннайа суох урбаан иһин холуобунай эппиэтинэс.
Техосмотры ыытыы болдьоҕо уларыйыа. Түөрт сылтан саҥа массыыналар анал көрүүнү барыахтара суоҕа, 4-10 сыллаах массыыналар икки сылга биирдэ барыахтара, 10 сылтан аҕа массыыналар сыллата ааһар буолуохтара.
Кэмигэр техосмотры ааспатах массыыналаах суоппар бу сыл кулун тутар ыйыттан ДПС үлэһитинэн тохтотуллар түгэнигэр 2 тыһ солкуобайынан ыстарааптаныа. Ити ирдэбили кэһии иһин быһа ыстарааптааһыны 2022 сыл сааһытан киллэрэр былааннаахтар.
This post was published on 09.02.2021 15:01 15:01