Тырааныспар министиэристибэтэ муус суоллары сабыы туһунан иһитиннэрдэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Кыһыҥҥы уонна муус суоллары түһүмэҕинэн сабыы Саха сиригэр муус устар 15 күнүттэн саҕаланар.

Муус устар 1 күнүттэн тырааныспар уйугун кыччатыы саҕаламмыта. Ол туһунан тырааныспар миниистирэ Владимир Сивцев эттэ.

Федеральнайдааҕы суолларга

Муус устар 2 күнүгэр Саха сирин уонна Иркутскай уобалас кыраныыссаларыгар Таас-Үрэх – Верхнемарково кыһыҥҥы суол сабыылаах.

Бүгүҥҥүттэн, муус устар 3 күнүттэн, Аллара Бэстээх — Дьокуускай хайысханан уонна Бүлүү трассаҕа уйугу 30 туоннаҕа диэри кыччаталлар.

Муус устар 10 күнүттэн — 20 туоннаҕа диэри.

Сиһилии https://ysia.ru/o-srokah-zakrytiya-ledovyh-pereprav-i-avtozimnikov-v-yakutii-soobshhili-v-mintransporta/

This post was published on 03.04.2024 09:30 09:30