Санкция хааччахтааһыннарын кэмигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ тас дойдуларга туристыы эбэтэр дьыалабыай көрсүһүүлэргэ барыыттан туттунаргытыгар сүбэлиир. Ол туһунан биэдэмистибэ пресс-сулууспата суруйар. Кэмигэр уонна куттала суох дьиэҕитигэр төннөргүтүгэр мэһэйдэр баар буолуохтарын сөп.
Санкциянан эбии хааччахтааһыннар киирдилэр. Кыраныысса таһыгар тахсыы кэнниттэн кэмигэр уонна куттала суох Российскай Федерация территориятыгар төннүүгэ көһүппэтэх өттүттэн араас балаһыанньа буолуон сөп.
«Саха сирин авиатэрилтэлэрэ дойду территориятыгар штатнай эрэһииминэн үлэлииллэр. Россия авиахампаанньалара пассажирдар иннилэригэр бэйэлэрин ылыммыт эбэһээтэлистибэлэрин толорорго бэлэмнэр, өскөтүн европейскай дойдулар авиацияларын былаастара бу боппуруоска сөптөөх быһаарыыны ылынар буоллахтарына», — диэтэ миниистир Владимир Сивцев.
Кини регион бырабыыталыстыбата тырааныспар эйгэтигэр балаһыанньаны хонтуруоллуурун уонна кириисиһи таһаарбат туһугар үлэлиирин эттэ.
This post was published on 16.03.2022 15:02 15:02