Олунньу 14 күнүгэр 22:30 чаас саҕана «Амма» суолугар МТЗ- 82.1 тыраахтар суоппара уруулун кыайбакка, суол уҥа өттүгэр түҥнэри түстэ. Саахал түмүгэр тыраахтарга олорсон испит, 1960 сыллаах эр киһи суһал көмө кэлиэн иннинэ өллө, диэн ГИБДД пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Тырахтарыыс бэйэтэ улахан эчэйиини ылбатах, мэдэссиинэ көмөтүнэн туһамматах.
МТЗ- 82.1 тыраахтар суоппара тырахтарыыс-машинист дастабырыанньалаах. Сыл устата административнай эппиэккэ тардыллыбатах. Арыгыны иһиини бэрэбиэркэлээһин түтүгэр суоппарга 0,91 мг/Л туруорбуттар.
Быһылаан тахсыбыт суола эҥкилэ суох көнө, хаардаах гравий бүрүөһүннээҕэ биллэр, кэтитэ 9 м.
ДТП быһылаана буолбутун туһунан матырыйаал силиэстийэҕэ бэрилиннэ.
This post was published on 15.02.2022 17:05 17:05