«Тымныыны баһылааччылар» бырайыак кыттыылаахтара экспедиция иккис күнүгэр Өймөкөөҥҥө тиийдилэр.
Экспедиция Теплай Ключка тиийэн, икки хамаандаҕа арахсан, тохсунньу 13 күнүгэр Өймөкөөҥҥө уонна Үөһээ Дьааҥыга айаннаабыттара.
Блогер Илья Воскресенскай -30 кыраадыстаах тымныыга ойбоҥҥо сөтүөлээбит Чурапчы олохтоохторун видеоҕа уһулла.
«Манна олорор дьон дьиҥнээхтик тымныыны баһылаабыттар», – диэтэ блогер.
Санатан эттэххэ, бырайыак кыттыылаахтара икки нэдиэлэ устата Өймөкөөҥҥө уонна Дьааҥыга муҥутуур намыһах температураны кээмэйдиэхтэрэ.
This post was published on 14.01.2020 10:51 10:51