Саха сиригэр тыллар тустарынан СӨ Сокуонунан анаммыт судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тыллары харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга туһуламмыт бырайыактары сүрэхтээһин А.Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр ыытылынна, «Саха» НКИХ суруйда.
Манна уопсайа 22 бырайыагы кэпсээтилэр. Ол курдук, РНА СС Гуманитарнай чинчийиилэргэ уонна Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах норуоттарын кыһалҕаларын института, Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо кыһата, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ, «Саха» НКИХ, «Терра» этнокултуура киинэ, «Саха бэчээт», СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, С.Н.Донской-II аатынан үөрэхтээһини сайыннарыыга уонна идэни үрдэтиигэ института, «Мультидитек», «Тундра» ойуулук устуудьуйалара, Олоҥхо тыйаатыра уо.д.а. кытыннылар.
Тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников киирии тылы эттэ.
«Ббиһиги тылы харыстыыр, сайыннарар судаарыстыбаннай бырагыраамабыт сыллааҕы үлэтин билиһиннэрэбит. Манна сыл устата үлэлэспит толорооччулар кытталлар. Кинилэр үлэлэрин көрөбүт-истэбит, туохха сыыһа-халты тахсыбытын көннөрөбүт, инники үлэҕэ былаан оҥоробут. Үбүлээһин Ил Дархан сорудаҕынан 50 мөл солк.-тан 100 мөл солк.-га диэри эбиллибитэ. Биһиги быйыл араас хайысхалаах 50 бырайыагы кытта үлэлэттибит. Бу бырайыактар биир эрэ сыллаах буолбатахтар. Инникитин 20-25 сыл устата үлэлии туруохтара», — диэтэ Местников.