Тыл уонна сурук-бичик семинарыгар суруналыыстары күүтэллэр

Олунньу 16 күнүгэр сарсыарда 10.00ч. Бэчээт дьиэтин Медиа-киинигэр (Дьокуускай к., Ордоникидзе уул., 31, 2 этээс) төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик декадатын чэрчитинэн суруналыыстарга аналлаах семинар ыытыллар.


Кыттыыны ылаллар:

Иванова Нина Иннокентьевна, РНА СС ГЧуоХААОПИ саха тылын грамматикатын уонна диалектологиятын сиэктэрин ыстаарсай научнай үлэһитэ, ф.н.хандь.;

Нелунов Анатолий Гаврильевич, РНА СС ГЧуоХААОПИ лексикография сиэктэрин ыстаарсай научнай үлэһитэ, ф.н. хандь.;

Николаева Альбина Михайловна, РНА СС ГЧуоХААОПИ лексикография сиэктэрин научнай үлэһитэ, ф.н. хандь. – Сахалыы тылы – өһү таба туһаныахха (сахалыы хаһыакка, сурунаалга);

Сидоров Олег Гаврильевич, М.К.Аммосов аат. ХИФУ ФЛФ Суруналыыстыка салаатын сэбиэдиссэйэ, “Илин” сурунаал редактора, СӨ суруйааччыларын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ.

Билсэр уонна сурутар тел.: 506-207, 89142253868.

Электроннай аадырыс: Argunovanp@sakha.gov.ru

Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэчээт уонна телевидениенэн, радионан биэрии дьыалаларыгар Департамена иһитиннэрэр.

This post was published on 15.02.2016 18:00 18:00