Тыл – омук-наассыйа биир сүрүн көстүүтэ. И.Н. Барахов тыл боппуруоһун дириҥник билэр эрэ буолбакка, онно күүскэ кыттыспыт, ону тэрийсибит, салайсыбыт улахан үтүөлээх-өҥөлөөх.
Филиппов Гаврил Гаврильевич, тыл билимин дуоктара, бэрэпиэссэр
И.Н. Барахов Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр саха тылын туттууну хааччыйыыга, саха тылын сайыннарар суолу тобулууга үлэлэспитин туһунан Ю.И. Васильев кыра тэттик кинигэ бэчээттэппитэ баар [1]. Өссө Е.Е. Алексеев И.Н. Барахов туһунан кинигэтигэр [2] эмиэ итини этэн бэлиэтээн аһарбыттаах. 2008 с. тахсыбыт «Исидор Никифорович Барахов. Докумуоннар уонна матырыйааллар хомуурунньуктара» диэн кинигэҕэ култуураҕа сыһыаннаах сэттис салаа баар. Онно И.Н. Барахов сурук сайдыытыгар сыһыаннаах ыстатыйалара уонна атын да докумуоннара киирбиттэр [3]. Уопсайынан, И.Н. Барахов тыл боппуруоһун дириҥник билэр эрэ буолбакка, онно күүскэ кыттыспыт, ону тэрийсибит, салайсыбыт улахан үтүөлээх-өҥөлөөх.
Тыл – омук-наассыйа биир сүрүн көстүүтэ. Онон тыл судаарыстыба уонна норуот сайдыытын, кэскилин түстүүр биир тутаах дьыала буолар. Ол иһин судаарыстыбаны салайар дьон бу маны биир кыһалҕа гынан дьарыктаналлар. Ханнык-туох өйдөөх-санаалаах дьон салалтаҕа олороллоруттан тыл тутуутун үлэтэ ситиһиилээх эбэтэр түктэри тосхоллоох буолар.
Тыл тутуута диэн судаарыстыбаҕа тыл туттуллуутун тэрийэр, дьаһайар үлэ бүтүннүүтэ ааттанар. Тылга сыһыан араас кэмҥэ араас ис хоһоонноох буолар эбит. Батталлаах үйэҕэ баттыыр кылаас, баһылыыр омук интэриэһин хааччыйар туһугар тылы ол туһатыгар туһаайан сайыннараллара. Ол туһунан И.Н. Барахов маннык эппитэ: «…Русские составляли незначительный процент населения, но им принадлежала власть, сила и религия… Их опорой и верноподданной силой являлось казачество, эти «славные потомки еще более славного завоевателя Сибири Ермака», относившее полицейские функции, в качестве внутренней охраны, вестовых, конвоиров или просто – на побегушках…
Робкий приниженный якут, дрожащий перед каждым русским – вот, что оставил нам в наследство великодержавная политика царизма. Создавать якутскую культуру, развивать якутский язык, тем более открывать якутские школы, театры и другие просветительные учреждения не полагалось. Всякое проявление национального чувства у якутов неизменно подрывалось в самом корне. Каждое начинание, если только оно носило национальную, хотя бы только чисто культурную окраску, заглушалось, не успевши дать какие-нибудь результаты. На всем лежала печать открытой обрусительной политики» (3, «Якуты и самодержавие» стр. 41-42 12.03.22).
Бассабыык баартыйа сирдьитэ В.И. Ленин Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин быдан инниттэн «омуктар бэйэлэрин дьаһанар судаарыстыбалаах буолуохтаахтар, тылларын, култуураларын бэйэлэрэ дьаһаныахтаахтар; төрөөбүт тылларынан оскуолалаах, аптаныамыйаларын тыла бэйэлэрин киэнэ буолуохтаах диэн өйдөтөр үлэни ыыппыта. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин кэнниттэн ол идиэйэтин олоххо киллэрэн урут ыраахтааҕылаах арассыыйа бырааба суох баттаан-үктээн олорбут норуоттарын сойуус гына тэрийтэрбитэ, аптаныамыйа бэрдэрбитэ, тылларын туттуллар эйгэтин кэҥэтэр туһунан баартыйа VIII, X, XIV сийиэстэригэр араас ис хоһоонноох дьаһаллары таһаартарбыта» [5].
Ол туһунан И.Н. Барахов маннык суруйар: «В результате долгих лет национального гнета среди якутов накопилась огромная потенциальная сила национальной ненависти против всех русских вообще… Изжить эти пережитики можно лишь в том случае, когда каждой нации будет предоставлена не на словах, а на деле национальная свобода, когда все нации, имеющиеся в РСФСР, будут фактически уравнены между собою, когда между ними не будет фактически национального неравенства и на экономической, и на культурной почве.
Задача партии состоит в том, чтобы помочь трудовым массам нерусских народов догнать ушедшую вперед центральную Россию, помочь им: а) развить и укрепить у себя советскую государственность в формах, соответствующих национально-бытовым условиям этих народов; б) развивать и укрепить действующие на родном языке суд, администрацию, органы хозяйства, органы власти, составленные из людей местных, знающих быт и психологию местного населения; в) развивать у себя прессу, школу, театр, клубное дело и вообще культурно-просветительские учреждения на родном языке; г) поставить и развить широкую сеть курсов и школ на общеобразовательного, так профессионально-технического характера на родном языке.
Так говорит Х съезд РКП (б) и такова программа советской власти по национальному вопросу» (3, «Советская власть и Якутия» 1922 г. стр. 52-53)
Биһиги саха аптаныамыйатын олохтообут, тэрийбит бастакы салайааччыларбыт: М.К. Аммосов, И.Н. Барахов, П.А. Ойуунускай уонна кинилэр сараатынньыктара – 1917 сылтан суругу тэрийииттэн саҕалаан, тылы туттуу боппуруостарынан утумнаахтык дьарыктаммыттара. Маныаха кинилэр үлэлэригэр баартыйа салайааччыларын тус түөрүйэлии үлэлэрэ, көнө сүрүннээх дьаһаллара, баартыйа сийиэстэрин, бөлөнүүмнэрин уураахтара – барыта күүс-көмө, өйөбүл буолбуттара. Утарсыыны, өрөлөһүүнү манна бэйэлэрин истэригэр көрсүбүттэрэ. Ол кинилэр тылга үлэлэригэр эрэ буолбакка, кэлин буруйданан, суорума суолланалларыгар кытта тиэрдибитэ.
И.Н. Барахов ити суругар салгыы этэр: «Омук быһыытынан тэҥ буолууну биһиэхэ Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ биэрдэ дии санаабыппыт. Ол эрээри тыа түгэҕэр олорор саха ол кумааҕыга суруллубут тэҥ быраабы баай-дуол өттүнэн тэҥэ суоҕуттан, үөрэҕэ суоҕуттан хайдах да туһанар кыаҕа суоҕа. Дьиҥэ, ол тыа сахата нууччаны кытта тэҥ буолуута хаһаайыстыба өттүнэн, кини курдук үөрэхтээх буолуунан, кини курдук сайдыылаах буолуунан эрэ ситиһэр кыахтаах. Оччоҕо эрэ омук быһыытынан нууччаны уонна сайдыылаах атын омуктардыын тэҥэ суох буолуута олох суох оҥоһуллуоҕа.
Саха аптаныамыйатын ситиһиибит онно кыаҕы биэриэҕэ. Исидор Никифорович этэр: «Затем в культурном отношении мы должны развить свой родной якутский язык, свою родную якутскую школу, литературу и театр. Мы до сих пор не имеем прав ни на родной язык, ни на родную школу и т.д. Автономия нам предоставляет эти права. Мы уверены, что догоним и в этом отношении центральную Россию» (3, «Советская власть и Якутия» с. 53).
Бу – 1922 с. кулун тутарга туруорбут соруга. Өссө 1917 с. эдэр социал-дэмэкирээт уолаттар Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ күннэригэр саха үлэһит дьонун уонна нуучча оробуочайдарын мунньаҕар туруулаһан, С.А. Новгородов алпаабытынан суруктаныыны уонна бастакы буукубаары бэчээттээһини, сахалыы үөрэтэр оскуола боппуруоһун ситиспиттэрэ. Дьиҥэ, бу оччолорго улахан ситиһии этэ. Эдэр дьон бу дьыалаларын утумнаахтык олоххо киллэрэн испиттэрэ. 1922 с. атырдьах ыйын 12 күнүгэр «Саха тылын оскуолаҕа үөрэх булгуччулаах биридимиэтин быһыытынан уонна ситэтэ суох оскуолаҕа сахалыы үөрэтиини киллэрэргэ» диэн КСК уурааҕын таһаарбыттара. Ити – Саха сирин үрдүнэн кырасдааныскай сэрии күүдэпчилэнэ турдаҕына.
И.Н. Барахов 1922 с. ыам ыйын 26 күнүгэр «АКБ саха сиригэр соруктара» диэн дакылаатын тиэсистэригэр Сэбиэскэй былаас саха дьадаҥыларын ортотугар үлэтин сүрүн ыарахаттарын төрүөтүн быһааран, ырытан баран, саха дьонун сэбиэт былааһыгар итэҕэтэн бэйэҕэ тардар туһугар: «В силу всего этого, первоочередной задачей РКП в Якутии после бандитского периода является фактическая, не на словах, а на деле, национальное раскрепощение якутского трудового народа, что практически должно выразиться, прежде всего, в переводе на якутские рельсы все советские и гражданские учреждения (административные, хозяйственные, политические, культурные, судебные и карательные), а также в создании и укреплении якутского национального отряда, как основы будущей якутской Красной Армии, которая явится опорой и защитницей зарождающейся Якутской АССР.
Всеми этими путями будет начато дело окончательной ликвидации всех и всяческих пережитков национального гнета и национального недоверия к власти и городам. К последним, как недавним источникам русской власти» (3, с. 309).
Көстөрүн курдук, И.Н. Барахов тэрилтэлэри сахатытыы диэн этиитэ омугунан саха диэн буолбакка, саха тыллаах, сахалыы тыыннаах диэн санааҕа түмүллэр.
Атыннык эттэххэ, саха дьоно, норуота бу мин бэйэм былааһым, мин бэйэм Өрөспүүбүлүкэм, мин омугум интэриэһин көрөр диир өйгө-санааҕа кэлиэхтээх. Ол нөҥүө Сэбиэскэй былаас үтүөтүн өйдүөхтээх.
И.Н. Барахов 1923 с. бэс ыйын 12 күнүгэр Москуба куоракка АХ(б)Б КК наассыйалыы өрөспүүбүлүкэлэр уонна уобаластар эппиэттээх үлэһиттэрин кытта Бастакы сүбэ мунньаҕар сылдьан тыл эппитэ. Этии сүрүн ис хоһооно САССР-га сахалар кылааһынан атааннаһыыларын уонна бастаанньаларын туһунан эбит. Онно үөрэхтээһиҥҥэ уонна тыл тутуутугар сыһыаннаан маннык диэбитэ баар: «1922-23 үөрэх дьылыгар 197 оскуолалаах этибит, онтубут 40%-нын чөлүгэр түһэрбэтибит. Малын-салын куорҕаллаатылар, учууталларын өлөрдүлэр. Билигин үөрэтии тылыгар соччо болҕойбоппут. Нэһилиэнньэ үксэ сахалыы тыллаах. Сурук, литэрэтиирэ суоҕун кэриэтэ. Ким талбытынан суруйар. 1922 с. Петроградка саҥа шрифт куттардыбыт. Онтубут Дьокуускайга тиийдэҕинэ, саҥа саха суругун уонна литэрэтиирэтин сайыннарыахпыт. Пепеляевы урусхаллаатахпытына, күһүҥҥүттэн култуура тутуутунан уонна хаһаайыстыбаны сайыннарыынан күүскэ ылсыахпыт» (3, 87 с.).
И.Н. Барахов 1923 с. ахсынньы ый 11 күнүгэр «Бүтүн Саха сирин сэбиэттэрин II-с сиийиэстэригэр» оҥорбут дакылаатыгар маннык эппитэ:
«Теперь разговор может идти лишь в сторону деловой смычки со всеми культурными якутскими силами и намечением совместного плана работы по культурно-хозяйственному возрождению Якутии; завоевания безраздельного влияния якутов на все государственные органы; полного объякучивания, национализации их; создания своего языка и своей письменности, первые шаги к которым сделаны. 10 марта разрешением письменных сношений между улусами, теперь приступили к изданию якутскиx газет и журнала, получены учебники, буквари и хрестоматии из центра, имеется хорошая якутская типография.
Теперь дело за тем, чтобы призвать все культурные национальные силы к пробуждению и культурному энтузиазму» (3, 329).
Көстөрүн курдук, И.Н. Барахов тыл тутуутун сүрүн соругунан саха тылын салайар эргимтэҕэ киллэриини көрөр эбит. Ол нуучча тылын билбэт саха дьонун саҥа былааска чугаһатар уонна нуучча учуобунньуктара урукку курдук аҥардастыы дьаһайан олорор усулуобуйаларын тохтотор, хаарчахтыыр хайысхалааҕа.
Оскуолаҕа уонна бары үөрэх тэрилтэлэригэр саха тылын бэрэдимиэт быһыытынан киллэрии Саха сиригэр олорор омуктар чугасыһыыларын, биир тыыннаах буолууларын хааччыйар тосхоллооҕо. Онтон саха оҕолоро төрөөбүт тылларынан үөрэниилэрин тэрийии кинилэр үөрэххэ, сайдыыга бары биир тэҥник уонна көхтөөхтүк тиксэр усулуобуйаларын олохтуур аналлааҕа.
Манна утарсааччылар баар буолбуттара. Урут нууччалыы үөрэтэ олорбут учууталлар уонна саха биллэр интэлигиэннэрэ «сахалыы үөрэтэри утарабыт, ол кыаллыбат» – диэн бырачыастыы сылдьыбыттара. Ол эрээри бу хамсааһын ситиһиилэммитэ, 1934-35 сс. сэттэ кылаас таһымынан сахалыы үөрэтии ситиһиллибитэ. Саха тылын биридимиэт быһыытынан үөрэтии көдьүүстээх буолбута.
Хомойуох иһин, И.Н. Барахов, М.К. Аммосов ити кэмҥэ Саха сириттэн үүрүллүбүт кэмнэрэ этэ.
И.Н. Барахов эмиэ биир санаалаахтарын кытта саха суруга С.А. Новгородов оҥорбут алпаабытынан сайдарын, олохсуйарын туһугар турууласпыттара. Кинилэр тоҕо латыын кыраапыкатын нуучча кыраапыкатыттан ордорбуттарай? Ити туһунан хайалара да бэлиитикэ өттүнэн сиһилии быһаарыылара суох, П.А. Ойуунускай «омук бэйэтэ туспа суруктаах буолуохтаах», «нуучча тыла баттал тыла этэ» диэбитэ баар. И.Н. Барахов «омук суругун талара бэйэтин көҥүлэ» диэн этиитэ уонна «уруулуу тыллары чугаһатар сурук наадатын» ылыныыта – барыта нуучча суругун сабыдыалыттан көҥүл буоларга дьулуһуу курдук өйдөнүөн сөп.
И.Н. Бараховка учуутала А.Е. Кулаковскай «Новгородов алпаабытын буортулаах, кэскилэ суох, биһиги нууччалары кытта чугасыһыыбытын мэһэйдиир» диэбитин ылымматах. Өксөкүлээх түүр омуктарын сийиэһигэр бэйэтэ буолбатаҕына, И.Н. Бараховы латыын кыраапыкатын ылыныыны утары этитэр баҕалааҕа.
Мин сабаҕалыырбынан, нуучча кыраапыката тыл тутуутугар үөскэтэр ыарахаттарын сэрэйэн, өтө көрөн С.А. Новгородов суругун өйөөбүт буолуохтарын сөп эбит.
Тыл тутуутун биир сүрүн анабыла – кини туттуллар эйгэтин кэҥэтии буолар. И.Н. Барахов бу хайысханан туох соругу туруорарын үөһэ этэн аһарбыппыт. Онно тугу оҥорбуттарын ааҕан көрүөҕүҥ. Үөрэҕи хааччыйарга, биллэрэр-иһитиннэрэр сириэстибэни тэнитэргэ, литэрэтиирэни сайыннарарга, дьыала-куолу наадатын толуйарга бэчээттиир кыһаны тэрийиэххэ наада. И.Н. Барахов этэр: «Куһаҕана суох типэгирээппийэлэннибит, онно наадалаах саха суругар сирииби куттардыбыт», – диэн.
И.Н. Барахов сахалыы хаһыат («Манчаары») тэриллиитин биир көҕүлээччитэ уонна эрэдээктэрэ буолар. Онон кини саха тыла дьыала-куолу, үөрэх, бэчээт тылын быһыытынан туттуллуутун тэрийсибит салайааччы буолар эбит. Маны таһынан кини саҥа алпаабыт уонна тыл хамыыһыйата, тылбаас хамыыһыйата тэриллиитин П.А. Ойуунускай , М.К. Аммосов, А.А. Бояров, о.д.а. курдук олохтоспут киһи буолар.
Бу тыл тутуутун олоххо киллэрии сүрүн соругун уонна кыһалҕатын И.Н. Бараховтаах маннык суолларынан быһаараллара:
- Саха, нуучча уонна атын омуктары кытта тэҥ сайдыылаах буолар усулуобуйатын хааччыйар сириэстибэ курдук көрөн;
- Сэбиэскэйдии, сэссэлиистии сайдыы, саҥа былаас дьаһалларын биллэрэр, иһитиннэрэр, аҕытаассыйалыыр сириэстибэ быһыытынан сыаналаан;
- Урукку ыраахтааҕы былааһа дьарыйар, ыгар-түүрэр нуучча тылын оннугар бэйэтин былааһын дьаһала кини көҥүлүн өйдөтөр, биллэрэр, итэҕэтэр суола төрөөбүт тыла буоларын көрдөрөөрү (дьиҥ норуот, бэйэ былааһа эбит дэтээри).
- Саха омугун тэтимнээхтик сайдар усулуобуйатын быһыытынан туһанаары. Омук төрөөбүт тылынан дөбөҥнүк өйдүүр, үөрэнэр.
И.Н. Барахов кэмигэр тылы тутуу сорох боппуруостара ситэ көстө-биллэ иликтэр этэ. Ол курдук, тыллар сайдар, хардарыта дьайсар сокуоннара араас өрүттээхтэрэ.
Сахатытыы боппуруоһа Өрөспүүбүлүкэҕэ балачча утарсыыны көрсүбүтэ. Тэрээһин боппуруостара судургута суохтара.
1925 с. бэс ыйын 3 күнүгэр обком сэкэритээрэ Ефим Григорьевич Пестун «Внимание нацменам», бэс ыйын 12 күнүгэр Е.М. Ярославскай «К вопросу о национальном устройстве ЯАССР» диэн ыстатыйалара тахсыбыта. Онно аҕыйах ахсааннаах омуктары салалтаҕа таһаарыы уонна төрөөбүт тылларынан оскуолалаах буолууларын боппуруоһа көтөҕүллүбүтэ.
1925 с. бэс ыйын 17-23 күннэригэр буолбут IV-с уобаластааҕы баартыйа кэмпириэнсийэтигэр аҕыйах ахсааннаах омуктар боппуруостара көтөҕүллүбүтэ. Онно Е.Г. Пестун нуучча бааһынайдарын боппуруоһун эмиэ туруорбута. Ити мээнэҕэ буолбатах этэ: сахатыйыы атын омуктары саха омуга баттыыр усулуобуйатын үөскэтэр диэн номохтооҕо. Онон саханы атын омуктарга утары туруоран сахатытыыны утарар тыл-өс буолар.
Манна харданы М.К. Аммосов биэрбитэ: «Саха аптаныамыйата саха омуга атыттары баттаатын диэн бэриллибэтэҕэ, кини көҥүлүн мэктиэлээн бэриллибитэ. Атын кыра омуктар боппуруостара мантан салгыы көрүллүөҕэ. Барытын тэҥҥэ быһаарар кыаллыбат этэ», – диэн (6, с. 121)
Тыл туттуутун биир тутаах боппуруоһа норуот бүттүүн төрөөбүт тылынан суругу ааҕар кыахтаныытын ситиһии буолар. 1924 с. туругунан саха сирин олохтоохторун 95% нууччалыы билбэт эбит. Онон сибээстээн дьыала-куолу суругун сахатытар сорук турбут. Олохтоох уонна киин былаас таһааран уураахтарын, сокуоннарын олохтоох норуокка тиэрдии – сэбиэскэй олоххо үлэһит дьону тардыы биир мүччүрүйбэт кыһалҕата буоларын туһунан П.А. Ойуунускай, А.А. Бояров сэтинньи 20 күнүгэр буолбут Саха КСК 2-с ыҥырыылаах мунньаҕар туруорбуттара. Бу маны барытын киин былаас үбүлүүрэ этиллибит. Бу дьаһал 1925 с. ыам ыйын 1 күнүттэн олоххо киирэр диэн быһаарыллыбыт. Ону олоххо киллэрэр туһугар 4 ый иһигэр (1924 с.) сахалыы аахпат-суруйбат сулууспалаах киһи суох буоларын ситиһэр сорук туруоруллубут.
Ити Саха КСК VI сессиятын уурааҕар олоҕуран, бырабыыталыстыба бары дьыалатын икки тылынан (нуучча уонна саха тылларынан) тэрийэргэ диэн Саха КСК президиума уураах таһаарар. Улуустар дьыалаларын сахалыы ыытарга быһаарбыттар. Ол туһуттан дьыала бэрийээччинэн саха тыллаах үлэһиттэрин аныырга, ону таһынан РСФСР уонна ССРС сокуоннарын, дьаһалларын тылбаастыыр Тылбаас хамыыһыйатын тэрийэргэ быһаарбыттар (с. 115).
Тыл сайдыытын дьаһайарга уонна тэрийэргэ былаас оруола, сурук тылын тэрийии омук тылын кэскилигэр оруола, нуучча уонна омуктар тылларын сыһыаннара – барыта идиэлиэгийэттэн, бэлиитикэттэн эрэ буолбакка, араас күүстэр күүрсүүлэриттэн уонна олох, устуоруйа үөскэтэр чахчыларыттан тутулуктаналлар.
А.Е. Кулаковскай улаханнаах кыра омук бииргэ олорор буоллаҕына, кырата бу сиртэн симэлийэр диирэ. Ону И.Н. Барахов сэссэлиисим идиэйэтэ омуктары, кинилэр тылларын араҥаччылыыр диэн өйдүүр. А.Е. Кулаковскай ону итэҕэйэр курдук: «Хомуньууһум идиэйэтэ биһиэхэ төрөөбүт тылбытынан сайдар, үөрэтэр кыаҕы биэрдэ», – диир.
Ол эрээри оччотооҕу баартыйа лиидэрдэрэ тылга туруорар сэссээлинэй оруолунааҕар (функциональнай) өссө дириҥ чахчыларын сэрэйэр эбиттэр И.Н. Бараховтаах, П.А. Ойуунускайдаах. В.И. Ленин миэстэтигэр олохтоох дьон тыл сайдыытыгар туох наадатын биһигиннээҕэр ордук билэллэр, кинилэргэ бу боппуруоска көҥүллэ биэриэххэ диирэ.
Ол кэмҥэ нуучча тылын быһаччы дьайыытыттан харыстанар суолу ураты суруктаах буолууга көрбүттэрэ эдэр бассабыыктар табыылара эбит диэххэ сөп. Ону таһынан түүр тылларыгар уратыларын хааччыйар туспа алпаабыттаах буолуохтаахтар диэн И.Н. Барахов сөптөөх санааны этэр.
Литэрэтиирэ:
- Васильев Ю.И. Исидор Барахов уонна саха тыла. Дьокуускай, 2003, — 19 с.
- Алексеев Е.Е. Барахов Исидор Никифорович. Якутск, 1998.
- Алексеев Е.Е. Исидор Никифорович Барахов: сб.док. и материалов / Ком. гос. арх. службы респ. Саха (Якутия), Якутск: Якутский край, 2008. – 596 с.
- Николаев А.С. Беззаветное служение родному народу// И.С. Клиорина. Он был… Якутск: Бичик, 1998
- Филиппов Л.С. И.Н. Барахов олоҕун үлэтин кэрчиктэрэ (Основные вехи жизни и деятельности. – Якутск, 2008. – 62 с.
- Винокурова Л.Е. М.К.Аммосов и общественн-политические события в Якутии (1920-28 годы) Якутск, 2007. – 189 с.
- Барахов И.Н. Сборник документов и материалов. Якутск: Якутский край, 2008 – 596 с.