"Тыгын - киһи, номох, им бэлиэ"

Хаҥаласка киин библиотека ааҕар саалатыгар » Тыгын — киһи, номох, им бэлиэ» диэн ааттаах төгүрүк остуол буолла. Учуонайдар, өрөспүүбүлүкэ кыраайы үөрэтээччилэрэ, нэһилиэктэр баһылыктара, оройуон уопсастыбаннаһа кыттыыны ыллылар.


Тыгын туһунан боппуруос куруук уһулуччу суолталаах уонна история өттүттэн мэлдьи мөккүөрдээх буолар. Тыгын туһунан элбэх научнай үлэ ааптара Андриан Борисов: «Хас биирдии норуокка бэйэтэ историческай геройдаах буолар. Кини аата, оҥорбут дьыалата көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэ турар. Саха норуотугар оннук киһинэн Тыгын буолар«, — диэн эттэ. Кини этиитин кытта история наукатын кандидата, Тыгын кэмин чинчийээччи Ольга Парфенова эмиэ сөбүлэһэр: «Тыгын — норуот киэн туттуута, ол иһин бу улуу киһи төрөөбүт дойдута — Хаҥалас улууһа — кини аатын үйэтитиигэ улахан эппиэтинэһи сүгэр«, — диэтэ.

Бу күн «Сахафильм» дириэктэрэ Дмитрий Шадрин Тыгын туһунан уһуллуохтаах киинэ бэлэмин туһунан кэпсээтэ. «Билигин бэлэмнэнии этааба, павильон оҥоһуллар, көстүүмнэр тигиллэллэр. 2016-2017 сылларга киинэни устуу кэмэ, 2018 — таҥыы«, — диэтэ кини.

Бу туһунан Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

This post was published on 22.02.2016 11:33 11:33