Новгород куоракка ыытыллыбыт бүтүн Арассыыйатааҕы ХIV-с «Вече» историческай киинэлэр фестивалларыгар режиссер Никита Аржаков «Тыгын Дархан» киинэтэ үс бирииһи ылла.
«Тыгын Дархан» киинэ фестиваль сүрүн номинациятын — Россия норуодунай артыыһа, фестиваль бэрэсидьиэнэ Светлана Дружинина анал бирииһин ылла.
Киинэ оператора Юрий Бережнев фестиваль бастыҥ операторынан, сүрүн оруолу толорооччу Ньургун Бэчигэн — бастыҥ артыыһынан буоллулар.
Эрдэ биллэрбиппитинэн, күрэххэ барыта аҕыс киинэ кытынна: Илья Учитель «Стрельцов» киинэтэ, Арсен Агаджанян «Я подарю тебе победу», Анна Чернакова «Про Лелю и Миньку», Эдуард Парри «От печали до радости», Оксана Карас «Доктор Лиза», Вадим Шмелев «Подольские курсанты» уонна Андрей Зайцев «Блокадный дневнига». Киинэлэри коронавирус дьаҥыттан харыстанар сыалтан 16 сааланан көрдөрдүлэр.
Фестиваль бэҕэһээ, ахсынньы 7 күнүгэр түмүктэннэ.
«Тыгын Дархан» —XVI-XVII үйэлэр кирбиилэригэр саха норуотун олоҕун сэһэргиир историческай киинэ СӨ бырабыыталыстыбатын сорудаҕынан, Саха АССР тэриллибитэ 100 сылын көрсө уһуллубута.
Киинэни 11 улууска — Ньурбаҕа, Аммаҕа, Хаҥаласка, Горнайга, Кэбээйигэ, Чурапчыга, Өймөкөөҥҥө, Дьааҥыга уонна Дьокуускайга баар «Үс Хатыҥ» комплекска устубуттара. Барыта 10 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыыны ылбыта.
This post was published on 08.12.2020 11:01 11:01