«Тыгын Дархан» киинэтинэн сериал оҥоруохтара

«Тыгын Дархан» киинэтигэр баппатах сорох матырыйаалларынан сериал оҥоруохтара. Бу туһунан режиссер Никита Аржаков бүгүн, XIV-с бүтүн Арассыыйатааҕы «Вече» историческай киинэлэр фестивалларын түмүгүнэн пресс-конференция кэмигэр эттэ.


«Уопсайа 6 чаас уһуннаах матырыйааллаахпыт. Эрдэттэн сериал оҥорор туһунан санаа баара. Билигин сериал жанра күүскэ сайдан, көрөөччү киинэни көрүүтэ мөлтөөтө. Ол иһин Ил Дархан киинэни көрөн баран: «Сериал оҥорбоккут дуо?», диэн ыйыппытын үөрэ истибиппит», — диэтэ Никита Аржаков.

Кини уһуллубут матырыйаалтан 4-5 толору серия тахсыаҕын, киинэни дойдуга барытыгар көрдөрөр сорук турарын эбэн эттэ.

Маны таһынан Никита Аржаков Далан «Бүтэй Бүлүүтүнэн» киинэ устар баҕалааҕын, Ил Дархан режиссер баҕатын өйүүрүн эттэ.

«Бүтэй Бүлүү» уһуллар түгэнигэр норуоппут устуоруйатын толору арыйыа этибит. Киинэнин ромаҥҥа кэпсэнэрин курдук Өлөөҥҥө устар былааннаахпыт», — диэтэ режиссер.

This post was published on 18.12.2020 17:01 17:01