Дьокуускайга “Сахафильм” киинэ хампаанньатын павильонугар Василий Яковлев – Далан романыгар олоҕуран историческэй хабааннаах “Тыгын Дархан” киинэ устуута саҕаланна.
Бу туһунан киинэ режиссера Никита Аржаков иһитиннэрэр:
— Билигин биһиги павильон иһигэр уһуллуохтаах хартыыналары устан саҕалаатыбыт. Ол курдук, балаҕан иһинээҕи уонна Тыгын ураһатын хартыыналарын устан эрэбит. Кулун тутарга диэри бу хайысханан үлэлиибит, оттон саас айылҕаҕа тахсыахпыт: Аммаҕа, Чурапчыга, Дьааҥыга, Ньурбаҕа, Хаҥаласка уонна Уус Алдаҥҥа.
Киинэ дириэктэрэ Вера Филиппова: “Ааспыт сыл устата устар бөлөх киинэ устуутугар бэлэмнэнэр үлэлэри ыытта. Хас даҕаны улууһу кэрийэн киинэҕэ уһуллуон сөптөөх дьону таллыбыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ бутафордар үлэлэрэ, сүрүннээн, түмүктэннэ. Биһиги худуоһунньуктарбыт Саха сирин этнографтарын кытта үлэлэстилэр. Арааһа, киинэ саамай маассабай сыанатынан ыһыах буолуо, Ньурбаҕа устуохпут. Манна 3 тыһ. кэриҥэ киһи, 100 сылгылаах үөр уһуллуо”, — диэн иһитиннэрэр.
Киинэҕэ сүрүн оруоллары Саха тыйаатырын уонна Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыстара толоруохтара.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
This post was published on 18.01.2017 13:23 13:23