Алтынньы 6 күнүгэр Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгэр А.Е. Кулаковскай- Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сылыгар анаан, оҕо сааһа ааспыт сиригэр искибиэр арыллыыта буолла. Өксөкүлээх Кыйыга 9 сааһыгар диэри эһэлээх эбэтигэр Николай Алексеевич, Ирина Алексеевна Собакиннарга олорбута.
Чурапчыга Кыйыттан үөрэнэ барбыта. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ сиэннэрэ Раиса, Рива Реасовналар, Тыараһа Өлөөһөлөрүн сыдьаана, Дьокуускай куорат мэрэ Е.Н.Григорьев, улуус баһылыга М.М.Соров, улуус депутааттарын салайааччыта В.А.Охотин, нэһилиэктэр баһылыктара, Өлөөһөттөн төрүттээх киэҥ аймахтар уонна бу пааматынньыгы оҥорбут, эмиэ Өлөөһөлөр, Николай Дмитриевич, Егор Гаврильевич Огонеровтар күндү ыалдьыттарынан буоллулар.
Пааматынньыкка Алексей Елесеевич кыра эрдэҕинэ эһэтин аттыгар кинигэни түөһүгэр сыһыары тутан, кини этиитин, сүбэтин болҕомтолоохтук истэн турара скульптура саҥа технологиятынан үйэлээхтик оҥоһуллубут. Улуу дьон пааматынньыктарыгар маннык кыра эрдэҕинээҕилэрин көрдөрөр скульптура суоҕа буолуо диэн тыл этээччилэр эттилэр.
Искибиэр аһыллыытыгар нэһилиэк баһылыга П.П.Турнин салайыытынан нэһилиэк кыраайы үөрэтээччилэрэ, түмсүүлэр, тэрилтэлэр, олохтоохтор бары биир киһи курдук түмсэн, харчынан-үбүнэн кыттыһан, тэрээһиннээхтик, ис сүрэхтэриттэн кыһаллан үлэлээтилэр. Собакиннар аҕа уустара, барыта 290 киһи, харчынан көмө оҥорбуттара дьон-сэргэ биһирэбилин ылла.
Искибиэр арыллыытыгар куораттааҕы Таатта, Тыараһа түмсүүлэрэ, Хотуну сайыннарыы пуонда (сал. Чехордун П.П.), кини партнера «Сусуман золото» 1 мөл солк биэрэн (ген. дир. Косолапов Е.Т.) улахан көмөнү оҥордулар. Таатта улууһуттан тахсыбыт улуу суруйааччыга, сахалартан бастакынан научнай үлэлэри суруйбут бөдөҥ чинчийээччигэ, Алампа эппитинии саха омугун «саамай бастакы саргылаах оҕотугар», бөлүһүөгэр, Өксөкүлээх Өлөксөйгө, кини аатын үйэтитиитигэ өссө биир үйэлээх пааматынньык турда.
Тыараһа олохтоохторо кэлбит ыалдьыттары үрдүк таһымнаах тэрээһининэн көрүстүлэр, «Өксөкүлээх үөрэҕэ» диэн иитэр-үөрэтэр үлэ концепциятын билиһиннэрдилэр. «Төгүрүк остуолга» Өксөкүлээх ыччата, искибиэр арыллыытыгар анаан-минээн кэлбит Өлөөһөлөр кыттыыны ыллылар.
Раиса Реасовна СР архыыбын үлэһиттэрин кытта таһаарбыт эһэтин Сэйимчээннээҕи дневнигин бэлэх уунна. А.Е. Кулаковскай аатынан институт старшай научнай сотруднига С.Д. Дарбасова (Собакина) классик 9 томнаах толору хомуурунньугун 2-с томун, «Труды по якутскому языку» диэн Өксөкүлээх тылга үлэлэрин хомуурунньугун (Л.Р.Кулаковская хомуйан оҥорбутун кыыһа А.А. Кузнецова бэчээккэ таһаарбыт) оскуола, нэһилиэк библиотекаларыгар туттарда. Маны таһынан аҕата, Тыараһаттан төрүттээх Д.Д. Собакин кинигэлэрин бэлэхтээтэ.
Быйыл Ил Дархаммыт уурааҕынан бигэргэммит «Өксөкүлээх 5 сыла» дьаһал маннык элбэх киһи кыттыылаах тэрээһининэн саҕаланна диэххэ сөп. Кыйыга олорор Собакиннар эр дьоно сахалыы таҥастаах дьиэ кэргэттэрин илдьэ искибиэр аһыллыытыгар кэлбиттэрэ, оҕо-аймах элбэҕэ, ырыа-тойук үчүгэйэ, Тыараһа дьоно-сэргэтэ кырдьык даҕаны бары түмсэн, туруулаһан үлэлээбит үлэлэрэ, Людмила Реасовнаҕа биэрбит бигэ тыллара олоххо киирбититтэн үөрэллэрин көрдөрөр.