Тыа сирин ыстааһын Саха сирин 2,8 тыһыынча олохтооҕун биэнсийэтигэр эбиэхтэрэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Кээмэйэ сааһынан эбэтэр инбэлиитинэн страховой биэнсийэҕэ фиксированнай төлөбүр 25%. Быйыл ити суума 2226,92 солк, III группалаах инбэлииккэ — 1113,46 солк.

Маннык эбиигэ дуоһунас испииһэгэр 500 идэ суруллар, биэдэмистибэҕэ эттилэр.

Эбии төлөбүр сайабылыанньата суох көрүллэр, үлэлээбэт биэнсийэлээххэ бэриллэр.

This post was published on 18.03.2025 13:58 13:58