Тыа сирин туризмын туһунан сокуоҥҥа олоҕуран, бу хайысханы судаарыстыбаттан өйөөһүн эмиэ көрүллэр. Билигин регионнарга тыһыынча кэриҥэ агротуристическай ферма баар, баларга 3500 гостевой дьиэ ыалдьыты көрсөр. Ити эрээри тыа сирин туризмын иэнэ икки бырыһыаны куоһардыбат. Бу туһунан Федерация Сэбиэтин социальнай бэлиитикэҕэ кэмитиэт салайааччыта Инна Святенко от ыйын 12 күнүгэр буолбут мунньахха этэн турар.
Тыа сирин туризмын сайдыыта хас да боппуруоһу быһаарар кыахтаах. Ол барыта фермердээһин киэҥник тарҕанарыгар тириэрдиэхтээх. Ол иһигэр эдэр дьон тыа сиригэр олохсуйарыгар, өссө тыа сирин инфраструктуратын тупсарыыга туһаайыллыахтаах. «Сокуон көдьүүһэ элбэх, Россия нэһилиэнньэтин чиэппэрэ тыа сиригэр олорорунан», — диэтэ ФС аграрнай бэлиитикэҕэ кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Елена Зленко.
Ростуризм алтынньыга тыа сирин туризмыгар киирсэр эбийиэктэр уураахтарын бырайыагын бэлэмнээбитэ. Онно гостевой дьиэ, фермер дьиэтэ, хижина, изба, юрта, шале, бунгало, балыксыт дьиэтэ уонна коттедж киллэриллибит. Манна итии, тымныы уу тэҥинэн баар буолуохтаах, ититии, вентиляция ирдэнэллэр. Оттон туалеттар таһырдьа буолаллара көҥүл. Маны сэргэ фермердар отель таһыгар парковка туталлара ирдэнэр, гостиница миэбэлэ стандартка эппиэттиэхтээх.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ балаҕан ыйыгар оҥорбут уурааҕын бырайыагар ханнык өҥөлөр баар буолуохтаахтарын ыйбыт: гостиницаҕа олордуу, фермер оҥорон таһаарбыт табаарын, бородууксуйатын атыылааһын, экскурсия уонна сынньалаҥ, бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга туриһы кытыннарыы, кыылы-сүөлү кытта билиһиннэрии.
Докумуоҥҥа суруллар сыал: дьону дэриэбинэ олоҕор сыһыарыы, олохтоох үгэскэ кубулуйбут ремеслону уонна фольклору билиһиннэрии, тыа сирин культуурнай уонна биологическай уратытын, арааһын харыстааһын, тыа хаһаайыстыбатыттан оҥорон таһаарыыны дэлэтии.
Фермердарга уонна аграрийдарга бу хайысхаҕа ылсалларыгар судаарыстыбаттан субсидия көрүллүөҕэ. Ол туһунан уураахха премьер-миниистир Михаил Мишустин ахсынньы 22 күнүгэр илии баттаата. Докумуоҥҥа олоҕуран, фермердэр туристары олордор, аралдьытар, сынньатар эбийиэктэри тутууга уонна өрөмүөннээһиҥҥэ, территориялары тупсарыыга, аралдьытар-сынньатар инфраструктураны тэрийиигэ уонна туристар туттар тэриллэрин атыылаһыыга граннары ылыахтарын сөп.
Субсидия саамай улааппыт кээмэйэ 10 мөл солк. Маны өскөтүн бырайыак 25 бырыһыанын фермер бэйэтэ уйунар кыахтаах буоллаҕына ылар.
Хаартыска: © Игорь Самохвалов/ПГ
This post was published on 04.01.2022 16:01 16:01