Тыа сирин сайдыытын уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин Хаҥалас улууһун Чапаево сэлиэнньэтигэр мустан кэпсэттилэр. Бу хайысхаларга өрөспүүбүлүкэҕэ хас да бырагыраама уонна өйөбүл миэрэлэрэ бааллар. Ордук дьайымтыалааҕынан социальнай хантараак уонна пиэрмэрдэри гранынан өйөөһүн буолаллар. Сүүһүнэн ыал бэйэ дьыалатын арынна, суруйар СИА.
Мунньах кэмигэр үлэ министиэристибэтэ уонна дьарыктаах буолуу кэмитиэтэ, предпринимательство министиэристибэтэ, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, Хаҥалас улууһун дьаһалтата бииргэ үлэлииргэ сөбүлэҥ түһэристилэр.
Михаил Николаев тыа хаһаайыстыбатын дьиэ кэргэн экономикатыгар уонна тыа сирин сайдыытыгар сүрүн хайысха быһыытынан тутарга болҕомтону уурарга санаатын эттэ.
«Бүтэһик уон сылга 1062 грант саҥа саҕалааччы уонна дьиэ кэргэн пиэрмэтигэр, агростартаптарга бэрилиннэ. Уопсай суумата 2, 7 млрд солк», — диэтэ туһааннаах миниистир Александр Атласов.
Былырыыҥҥыттан ыанар ынах төбөтүгэр субсидия биэриитин миэрэтэ көрүллэр. 25-тэн үөһэ ыанар ынахтаах хаһаайыстыбаларга «финоздоровление» бырагыраамата салҕанан барар. Ставка кээмэйэ: биир төбөҕө 5 тыһ солк — 25 — 49 ыанар ынахтаахха; 10 тыһ солк 50 — 99; 20 тыһ солк — 100-тэн тахсаҕа.
Сиһилии https://ysia.ru/v-yakutii-obsudili-voprosy-razvitiya-selskoj-mestnosti/
This post was published on 23.05.2022 09:01 09:01