Федеральнай киин быһаарыытынын өрөспүүбүлүкэҕэ тыа сирин оскуолаларыгар физкультураны, спорду сайыннарыыга 27 мөл.солк. биэриэхтэрэ. Ити үп-харчы суотугар спорт саалаларын өрөмүөннүөхтэрэ, малынан-салынан хааччыйыахтара, спорт кулууптарын сайыннарыахтара, площадкалары тутуохтара.
«Биир ньыгыл Россия» киллэрбит көҕүлээһинин өйөөн бу саҕалааһын олоххо киирэр. Урукку спортивнай площадкалар оннуларыгар саҥалары оҥорорго, спорт аныгы эбийиэктэрин тутарга кыах бэриллэр», — диэтэ миниистирдэр кабинеттарын салайааччыта Дмитрий Медведев.
Регионнарга барыларыгар 1,6 млрд солк., итинтэн Саха сиригэр 27 мөл 627 тыһ.солк. көрүлүннэ.
«2013-2020 сылларга үөрэҕи сайыннарыы» тус сыаллаах государственнай бырагыраама чэрчитинэн бу субсидия бэриллэр.
This post was published on 04.05.2016 16:04 16:04