"Тыа сирин ипотекатыгар" 1300 киһи сайаапкатын биэрбит

«Тыа сирин ипотекатыгар» 1300 өрөспүүбүлүкэ олохтооҕо сайаапкатын биэрбититтэн, хас үсүһэ бигэргэммит. Бу туһунан «Россельхозбанк» Саха сиринээҕи салаатын дириэктэрин солбуйааччы Афанасий Лугинов социальнай ситимнэринэн быһа холбонуутун кэмигэр эппитин, СИА суруйар.


Афанасий Лугинов барыта 1377 сайаапка киирбитин эттэ. Холобур, Амма улууһугар 226 мөлүйүөҥҥэ 92 сайаапка киирбититтэн 20%-на өйөммүт. Билигин алта, ол иһигэр дьиэ туттуутугар, уопсайа 14 мөл солкуобайга кирэдьиит бэриллибит. Хас эмэ бигэргэммит кирэдьиит баарыгар клиеннэр тутууга эбийиэк көрдөөһүнүгэр сылдьаллар.

«Тыа сирин ипотекатын усулуобуйата атын кирэдьииттэрдээҕэр быдан табыгастаах. Холобур, бастакы угуу харчы 10 эрэ бырыһыан, атыттарга 15%-тан үөһээ буолар. Иккиһинэн, тыа сирин ипотекатын сааһынан хааччаҕа суох, дьиэ кэргэн балаһыанньатыттан тутулуга суох ылыахха сөп. Маны таһынан эрдэ дьиэлээх буолар наадата суох», — диир исписэлиис.

«Тыа сирин ипотекатын» ыларга:

  • кирэдьиит ылааччы 21 — 75 саастаах буолуон сөп;
  • кирэдьиит суумата 100 000 — 5 000 000 солк (Уһук Илиҥҥэ);
  • бырыһыан ставката заемщик олоҕун страховкалыыр түгэнигэр — 2,7%, страховкаламмат түгэнигэр 3% диэри үрдүөн сөп;
  • атыылаһыллар дьиэ тыа сиригэр, 30 тыһ аҕыйах нэһилиэнньэлээх сиргэ баар буолуохтаах;
  • кирэдьиити 25 сылга диэри болдьоххо ылыахха сөп;
  • бастаан угуу харчы дьиэ сыанатыттан 10% тэҥнэһэр.

This post was published on 24.11.2020 11:01 11:01