Тыа сирин дьахтарын Күнүгэр аналлаах семинар Дьокуускайга буолла

Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр тыа сирин дьахталларын күнүгэр анаммыт семинар буолла. Мунньахха тыа сиригэр үлэлиир дьахталлар, муниципальнай былаас дьахтар-бэрэстэбиитэллэрин, дьахтар сэбиэттэрин уонна бааһынай хаһаайыстыбалар салайааччыларын кыһалҕаларын туһунан кэпсэттилэр.


«Дьахтар дьиэ кэргэнигэр эрэ улахан оруоллаах буолбатах, кини уопсастыба сөпкө салаллыытыгар эмиэ олус суолталаах. Үлэ усулуобуйатын тэрийиигэ дьахтар-салайааччылар улахан болҕомто уураллар. Маннык дьахталлары бүтүн өрөспүүбүлүкэ билиитигэр таһаарар сыаллаах бу тэрээһини ыытабыт», — диэтэ миниистири солбуйааччы Татьяна Осипова.

Семинар кэмигэр «Тыа хаһаайыстыбатын бастыҥ салайааччы дьахталлара» кинигэ иккис чааһа сүрэхтэннэ. Хомуурунньукка «Полюс холода» кэпэрэтиип салайааччыта Екатерина Портнягина, Амма улууһун бааһынай хаһаайыстыбаларын Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Александра Цыпандина, «Хаксык» кэпэрэтиип бэрэссэдээтэлэ Тамара Осипова, Сунтаардааҕы кэпэрэтиип дириэктэрэ Розалия Иванова киллэрилиннилэр.

Саха сирин АПК-тыгар 10-тан тахса тыһыынча киһи 800 тэрилтэҕэ үлэлиир, онтон 148-һа дьахтар салайааччылаах. Маны сэргэ 9000 киһи 3000 бааһынай хаһаайыстыбаҕа үлэлиир, 678-һын дьахтар салайар.

Тыа сиригэр саамай улахан кыһалҕанан ыччат олохсуйбат буолуута этилиннэ. Миниистир солбуйааччыта эппитинэн, ону тохтоторго элбэх судаарыстыбаннай бырагыраама үлэлиир.

«2004 сылтан өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан анал үрдүк, орто үөрэхтэрин бүтэрэн тыа сиригэр үлэлии барар тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэригэр хамнастарыгар эбии төлөбүр оҥоһуллар. Холобур, үрдүк үөрэхтээх исписэлиис хотугу улууска барар буоллаҕына, хамнаһыгар 15 тыһ.солк. эбии ылар. Граннарынан өйөбүл баар», — диэтэ Татьяна Осипова.

«Тыа сирин бигэтик сайыннарыы» бырагыраама эмиэ улахан оруоллаах. Элбэх олорор дьиэ, түөрт оскуола, 21 ФАП тутулунна. Итиэннэ тыа сиригэр уу ааһар ситимнэрэ, гаас утахтара тардыллаллар.

This post was published on 22.11.2019 16:40 16:40