Тыа сирин биир кэлим сайыннарыы бырагыраамата 2024 сылга салҕаныаҕа. Ол туһунан РФ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр эттилэр. 2023 сыллааҕы үлэнэн түмүктэри оҥордулар.
Министиэристибэ суруйарынан, 2023 сыллааҕы үлэни учуоттаан, 2024 сылга тыа сирин биир кэлим сайыннарыы бырагырааматынан Россия регионнарыгар тутуллуоҕа эбэтэр саҥардыллыаҕа:
— 3,8 тыһ социальнай эбийиэк
— 1,5 тыһ килэмиэтир суол
— 7,5 мөл кв м олорор дьиэ
— 12 тыһ тупсарыныыга бырайыак.
This post was published on 30.11.2023 13:01 13:01