Тыа сирин бигэтик сайыннарыыга федеральнай бюджеттан 390 мөл. тахса солк. көрүлүннэ

«Тыа сирин бигэтик сайыннарыы» тус сыаллаах федеральнай бырагырааманы олоххо киллэриигэ быйыл Саха сиригэр 392,5 мөл.солк. кэриҥэ үп-харчы ананна. Россия атын регионнарын кытта тэҥнээтэххэ, үбүлээһин кээмэйэ муҥутуур элбэх.


Судаарыстыба бюджетыттан кэлэр үбү-харчыны тыа сирин дьонун, ол иһигэр эдэр ыал, эдэр үлэһиттэр олорор усулуобуйаларын тупсарыыга 165 мөл.135,8 тыһ.солк. көрүлүннэ.

Тыа сиригэр социальнай, инженернэй инфраструктураны оҥорууга, тупсарыыга 222 мөл 648 тыһ. солк. бэрилиннэ.

Тыа сиригэр олорор дьон саҥа саҕалааһыннарын өйөөһүҥҥэ 4 мөл. 692,5 тыһ. солк. ананар.

This post was published on 21.04.2016 16:45 16:45