23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Тыа сиригэр кэпэрээссийэ сайдыытын туһунан Ил Түмэҥҥэ кэпсэттилэр

16:01, 06 октября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин балаҕан ыйын 30 күнүгэр ВКС эрэсииминэн “Тыа хаһаайыстыбатын кэпэрээссийэтин сайыннарыы туһунан” тиэмэҕэ “төгүрүк остуолу” салайан ыытта. Бу тэрээһин эрдэттэн былааҥҥа туруоруллан, РФ Федеральнай Мунньаҕын Госдуматыгар былырыын алтынньы 22 күнүгэр “Дьоҕус киэптээх хаһаайыстыбалар сайдыыларын сокуон өттүнэн аспектара” диэн тиэмэҕэ ыытыллыбыт парламент истиилэригэр ыйыллыбыт этиилэри толорор соруктаах, суруйар https://www.sakhaparliament.ru/


Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн миниистири солбуйааччы Николай Афанасьев иһитиннэрии оҥордо. Николай Степанович бэлиэтииринэн, Госдума аграрнай кэмитиэтэ Федеральнай Мунньахха кэпэрээссийэҕэ сыһыаннаах 9 барылы киллэрбититтэн бүгүҥҥү туругунан биирэ эрэ бигэргэммит. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччуларга энергияҕа чэпчэтиилээх тарыыптары олохтуурга этиитин ылымматахтар. Бааһынай хаһаайыстыба тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах сиргэ олорор дьиэни туттарын көҥүллүүргэ этии Госдумаҕа бастакы ааҕыыга киирдэ. Өскөтүн бу балаһыанньаны ылыналлара буоллар, тыа сиригэр эдэр дьон олохсуйарга баҕата күүһүрүөх, Уһук Илиҥҥи гектар бырагырааматын олоххо киллэрии көрдөрүүтэ даҕаны тупсуох этэ.

Ил Түмэн спикерин солбуйааччы Антонина Григорьева өрөспүүбүлүкэҕэ аграрнай хайысхалаах 100-чэ оскуола, ол иһигэр көмөлтө хаһаайыстыбаларыгар сүүстүү сүөһүлээхтэр баалларын, бэлиэтээн туран, үөһэттэн өйөбүлгэ тиксибэттэрин, инникитин кинилэргэ хайдах эмит көмө оҥоһуллара тобуллуон сөбүн чуолкайдаста. Антонина Афанасьевна салгыы грант ылааччылар үлэлэрин хонтуруоллааһыны уонна кэпэрэтииптэр отчуоттарын таарыйда.

Миниистири солбуйааччы быһаар­бытынан, оскуола иһинэн туспа хаһаайынныыр субъект кэпэрэтиип киэбин ылыннаҕына эрэ граҥҥа киирсиэн сөп. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 2012 сыллаахтан 1 тыһ. кэриҥэ киһи грант үбүгэр тигистэ, кинилэртэн 60 бырыһыаннара көдьүүстээхтик үлэлиирин көрдөрдө. Манна сыһыаран быһаардахха, РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тыа хаһаайыстыбатын потребкэпэрээссийэтин астыыр-үөллүүр түһүмэххэ сайдыытын ойуччу ылан өйөөһүнү көрөр. Ол иһин биһиги өрөспүүбүлүкэбит федеральнай граннарга ынах сүөһүнү кыттыһан көрүүгэ кэпэрэтииптэри тэрийэн анньа сатыырын ылымматтар.

Хомуньуус дьокутаат Петр Аммосов быйыл хаһаайыстыбалар хас саҥа тыраахтары ылбыттарын уонна сылгы кыстыгар бэлэмнэнии туһунан туоһуласта. Николай Афанасьев граҥҥа тиксээччилэр үгүстэрэ саҥа тыраахтарга суоттаналларынан сабаҕалаан, 100-чэ баар буолуохтаах диэн хоруйдаата. Дьокутаат урукку сылларга “Туймаада-Лизинг” хампаанньа нөҥүө сыл аайы тыһыынчалыы (Кытай дьоҕус тыраахтарын киллэрэн туран), барыта 15 тыһ. тыраахтар лизиҥҥэ бэриллибитин санатта итиэннэ лизини сөргүтэн, бу сыалга бүддьүөккэ 500-600 мөл. солк. угарга эттэ. Быйылгы кыстыкка сылгы 60 бырыһыанын иитэн олорор илин эҥээргэ балаһыанньа уустук соҕус буолара күүтүллэр. Сылгы мэччирэҥин сайыны быһа турбут улахан уоттар салаатылар.

Өлүөхүмэттэн “Кыыллаах” ТХПК салайааччыта Алексей Корнилов улахан хотон тутта сылдьарын, үп-харчы өттүнэн ыарырҕаппытын эттэ. Миниистири солбуйааччы: “Быйыл сүүрбэччэ хотон тутулла турар гынан баран, барыларыгар үбүлээһин мөлтөх”, — диэн малтаччы билиннэ. Өлүөхүмэ улууһугар үүт ыан туттарааччылар 80 бырыһыаннара – кэтэх хаһаайыстыбалаахтар. Кинилэр үүт туттарбат буоллахтарына “Өлүөхүмэ кыладабыайа” эстэр кутталлааҕыттан А.Корнилов ытырыктатарын биллэрэн туран, бэйэтин сүүрбэччэ ынаҕар эбии сайын нэһилиэк ыалларыттан ынахтарын ылан ыан баҕарарын этиннэ. “Ынахтаах ыалы кытта бэйэҕит кэпсэтэҕит”, — диэн судургутук хоруйдуур министиэристибэ биир тутаах салайааччыта.

Ол аата Корнилов үүтү тутар, астыыр тэрилтэ (соҕотуопкалааччы) көрөр 10 солкуобайын иһинэн дуогабардаһарыгар тиийэр. Сүөһүнү иккитэ сүлүллүбэт. Ньукулай дуу, Маарыйа дуу ынаҕын төбөтүгэр 35 тыһ. солкуобайы ылар буоллаҕа. Онон, нэһилиэк хаһаайыстыбаннай кинигэтиттэн таһаарыллан, кэпэрэтиипкэ дьиҥ-чахчы холбоммут ынахтаах ыал эрэ 60 (50-на өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллэр көмө харчы)  солкуобайга суоттанар кыахтаах. Дьэ, оччоҕо олохтоох кэпсэтиһии, торгуйдаһыы тахсыах этэ.

Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах “СахаАгроПродукт”  потребкэпэрэтиип былырыын Астыыр-үөллүүр технология киинин (Сибииргэ, Уһук Илиҥҥэ суох лабораториялаах) тэрийэн, быраҕыллан турбут эбийиэги саҥалыы сөргүтэн-туттаран үлэҕэ киллэрбитэ. Санатан эттэххэ, дойдубут баһылыга Владимир Путин “Дьоҕус уонна орто урбааны өйөөһүн” национальнай бырайыак сүнньүнэн тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтииптэрин материальнай-тэхиньиичэскэй базаларын бөҕөргөтүүгэ сорудаҕын толорон, 2016 сыллаахха дьоҕус, орто урбааны өйүүр судаарыстыбаннай корпорация тэриллибитэ. “МСП” баан үлэтин саҕалаабыта. “СахаАгроПродукт” ӨТХПБХК базаны атыылаһарыгар уонна саҥалыы өрөмүөннүүрүгэр анаан ити баантан 82 мөл. солкуобай чэпчэтиилээх кирэдьиити ылан, үлэни кэмигэр толорбута. “Суол хаартатыгар” корпорация, баан уонна СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ сөбүлэһэн илии баттаабыттара. Онно олоҕуран кэпэрэтиип көрсүбүт ороскуота 3 сыл устатыгар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн толуйуллуохтааҕа биллибэт биричиинэнэн иккис сылын харгыстанан турар. Улахан кэпэрэтиип бэҕэһээҥи бэрэссэдээтэлэ, бүгүн тустаах саҥа Киин дириэктэринэн ананан үлэлии сылдьар Константин Тимофеев: “Көрүллүбүт харчыны хаһан тиксэрэҕит?” – диэн ыйытыыта бу сырыыга даҕаны сир уонна халлаан икки ардыларыгар ыйанан хаалла. “Сотору быһаарыллыа”, — диэн хоруйу истибиттэрэ иккис сыллара.

Сунтаартан “Кириэстээх” тыа хаһаайыстыбатын потребительскай (дьиҥэр, производственнай: өрөспүүбүлүкэҕэ биир саамай элбэх сүөһүлээх бөдөҥ хаһаайыстыба) кэпэрэтиибин салайааччыта Владимир Егоров мас-таас курдук ылыннарардыы эттэ. Бастатан, кэпэрээссийэ үлэтин сэниэлээхтик хамнатар инниттэн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр кэпэрээссийэ департаменын (билигин кыра отдел баар) тэрийэргэ, салайааччытыгар миниистири солбуйааччы статуһун биэрэн туран. Иккиһинэн, улуустарга кэпэрэтииптэри каадырынан хааччыйыыны күүһүрдэргэ, онуоха Аартыкатааҕы агротехнологическай университет иһинэн 10-нуу хонуктаах куурустары, семинардары тэрийэн, көмө оҥорорго. Үсүһүнэн, докумуоннары оҥорон түһэриигэ методическай көмө эрэйиллэр.

Туһааннаах кэмитиэт салайааччыта Андрей Находкин манна киирбиттэри уонна тастан эбии хомуйан, этиилэри чопчулуохпут, чочуйуохпут диэн эрэннэрдэ. Андрей Михайлович Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын кэпэрээссийэтэ иккис тыынын ыларыгар эрэнэрин биллэрдэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА