26 Сэтинньи 26.11
  • -23°
  • $ 103,79
  • 108,87

Тыа сиригэр аныгылыы оҕо былаһааккалара тутуллаллар

16:01, 03 июля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

“Инники көлүөнэ” тус сыаллаах пуонда тэрийэн ыыппыт “Мин былаһааккам” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ тыаларыгар аныгылыы оҕо оонньуур-дьарыктанар былаһааккалара таҥылла сылдьаллар.


Куонкурус 2016-2020 сылларга “Кэскил туһугар” тус сыаллаах бырагыраама иһинэн “Инники кэскил” бырайыак чэрчитинэн ыытыллыбыт.

Уопсайа бу күрэххэ өрөспүүбүлүкэттэн 60 муниципальнай тэриллии кыттыбытыттан, экспертиир хамыыһыйа 11 кыайыылааҕы быһаарбыт.

Бастакы былаһаакка Оҕо көмүскэлин күнүн көрсө бэс ыйын 1 күнүгэр Үөһээ Халыма Сартаҥ нэһилиэгэр турда. Бу күннэргэ Сунтаар улууһун Кутана нэһилиэгэр уонна Амма Михайловкатыгар дьэндэйдилэр. Атын нэһилиэктэргэ былаһааккалар ый бүтүөр диэри таҥыллыахтара диэн “Инники көлүөнэ” тус сыаллаах пуонда пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Биһиги былаһааккабытын бэс ыйын бүтүүтэ таҥан бүтэрбиппит. Билигин вирус намтаан, пандемия аастаҕына үөрүүлээхтик аһарбытын күүтэбит. Комплекс үс сырылыыр сирдээх, канаттаах, кирилиэстээх, быа сиэккэлээх, муосталаах, о.д.а. оҕону эт-хаан өттүнэн сайыннарар, аралдьытар атын тутуулардаах. Былаһаакка сирин сымнаҕас кумаҕынан куппуппут. Былаанаабыппыт курдук оҕо сынньанар сирин Ийэ уонна оҕо скверигэр ханыылыы, нэһилиэк киинигэр таҥан туруордубут. Олус тупсаҕай көстүүлээх, нэһилиэк оҕото бары мустан ооонньуур сирэ буолла. Түгэнинэн туһанан “Инники көлүөнэ” тус сыаллаах пуонда уонна «АЛРОСА» салалталарыгар махталбытын тиэрдэбит. Биһиэхэ бу көннөрү оҕо оонньуур сирэ эрэ буолбакка сайдыы, этэҥҥэ буолуу бэлиэтэ буолар», — диэн Амма улууһун Соморсун нэһилиэгин баһылыга Алексей Кононов үллэстэр.

Санатар буоллахха, 2016-2020 сылларга ыытыллыбыт “Кэскил туһугар” тус сыаллаах бырагыраама «АЛРОСА» АК көмөтүнэн ыытыллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА