Тыа хаһаайыстыбатын субсидията хайата ордугуй: Төбөҕө дуу, үүккэ дуу?

Ил Дархан Айсен Николаев Тыа хаһаа­йыстыбатын министиэристибэтигэр биэрбит үс сорудаҕыттан биирдэстэрэ тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччулары өйөөһүн мэхэньиисимин ырытан оҥорон, кэлэр 2021 сылтан олоххо киллэрии буолар. Бу соругу толоруу чэрчитинэн, министиэристибэҕэ биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа тэриллэн үлэлиир.


25 ынахтаахтар эмиэ  хапсыахтара

Бастатан туран, судаарыстыба өйөбүлүнэн төһө кыалларынан үгүс хаһаайыстыбаны хабар инниттэн, үп-харчы өттүнэн чэбдигирдии бырагырааматыгар быйылгыттан дьоҕус хаһаайыстыбалары эмиэ киллэрэр буоллулар. Онуоха маннык ирдэбил олохтонно: чэбдигирдии бырагы­рааматыгар киирэр хаһаайыстыба Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр отчуоттуур, үүтү-­эти туттарыыга дуогабарынан үлэлиир, мэхэньисээссийэлээх биитэр ситэтэ суох мэхэньисээссийэлээх хотонноох, сүөһүтүн барытын онно тутар итиэннэ ааспыт сыл түмүгүнэн, ынаҕын ахсыттан 1 800 киилэ үүтү ыабыт буо­луохтаах.

Оттон биир ыанар ынахха бэриллэр субсидия кээмэйэ 100 уонна онтон элбэх ыанньыктаах ха­­һаайыстыбаҕа 20 тыһыынча, 50-99 ыанньыктаах хаһаа­йыстыбаҕа 10 тыһыынча, 25-49 ыанньыктаахтарга 5 тыһыынча солкуобайынан быһылынна.

Үүт харчыта

Туохха барытыгар сыана үрдүү турар буоллаҕына, үүт субси­диятын харчыта хаһыс да сылын уларыйбакка турар. Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биир киилэ үүт ортотунан 45 солкуобайга тутуллар, бу иһиттэн 35 солкуобай судаарыстыбаттан көрүллэр субсидия, оттон 10 солкуобай туттарыллар сыана эбэтэр соҕотуопкалыыр-астыыр хаһаайыстыба биэрэр үбэ буолар. Элбэх бородууксуйаны оҥорон батарар, урукку сыллартан туруктаахтык үлэлиир соҕотуопкалыыр-астыыр хаһаайыстыбалар итиэннэ бэйэлэрин бүддьүөттэриттэн харчы көрбүт улуустар мантан үрдүк сыанаҕа туталлар.  Ол курдук, Ньурба улууһа 5 солкуобайы эбии көрөн,  хаһаайыстыбалар үүттэрин 50 солкуобайга туттараллар. “Дьокуускайдааҕы үүт со­­буота” ХЭУо 54 солкуобайга тутар, “Хаҥалас-Ас” кэпэрэтиип кыһыҥҥы кэмҥэ эмиэ бачча сыанаҕа тутарга былаанныыр.

Кэлэр сылтан – саҥа мэхэньиисим

Саҥа мэхэньиисими ыры­тааччылар табаары оҥорууну өйүүр инниттэн, хаһаайыстыбалары “тэрээһиннээхтэр” уонна “кэтэхтэр” диэн араараллар. Итиэннэ тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга биир киилэ үүккэ 50 солкуобай субсидияны көрөргө (онно соҕо­туопкаланар сыана эбиллэн 60 солкуобай буолар), оттон кэтэх хаһаайыстыбаларга (чааһынай ыалларга) ыанар ынах ахсыгар 35 тыһыынчаттан итэҕэһэ суох харчыны биэрэргэ этэллэр. Ити харчыны ылан баран, ким баҕалаах үүтүн субсидията суох, 10 солкуобайга туттарыан сөп дииллэр. Өйөбүл маннык быһыылаахтык оҥоһулларынан, быйыл кэккэ со­­куоннарга, ол иһигэр, «Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын, сырье уонна ас-үөл ырыынагын 2020-2024 сс. сүрүннээһин» судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа итиэннэ боломуочуйалары биэрии балаһыанньатыгар уларытыылар киллэриллиэхтээхтэр. Салгыы сыллааҕы бүддьүөккэ үп көрүллэн, 2021 сылтан саҥа мэхэньиисим үлэлиэхтээх. Бу барыл нэһилиэнньэҕэ өссө былырыын, үөһэ этиллибит бырагырааманы дьүүллэһиигэ  иһитиннэриллибитэ.

Ааспыт нэдиэлэҕэ, Ил Түмэҥҥэ тыа хаһаайыстыбатын  дэкээдэтин чэрчитинэн, тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар анаммыт “төгүрүк остуолга” кэпсэтии тэрилиннэ. Онуоха санаа араас, сэҥээрээччи да баар, утарааччы да көстөр.

Харчыны төбөҕө биэрии кэтэххэ саайар  

Чааһынай ыаллар ынахтарыгар 35 тыһыынча харчы бэриллэрэ истэргэ олус үчүгэй эрээри, “ноото” элбэх эбит. Биллэрин курдук, тыа дьоно сүрүннээн үүтү туттаран дохуоттаналлар, үүтү туттарбат ыал ахсааннаах. Иккис өттүнэн үүтү бэйэ астыырынааҕар, соҕо­туопкаҕа туттарар быдан барыстаах. Холобур, сүүрбэ киилэ үүттэн биир киилэ арыы таптайыллар, оттон оччо үүтү туттардахха, 900 солкуобай кэлэр. Икки бүк ночоот! — Манна эбии-сабыы суру­йуу тахсыан сөп, — диир Чурапчы олохтооҕо Иван Пономарев. — Дьон төбө харчытын ылан баран, ынахтарын бааһынай хаһаайыстыбаларга биэрэн ыатыахтара суоҕа дуо? Аны бэлэм харчы бэриллэрин кэннэ туох киһитэ кэҥкэлэй аһылыктаах боруода ынаҕы ииттэ сатыай? Борооскутугар сабыллан, тыһаҕаһыгар төрүүр кыра ынаҕы иитэрэ быдан барыстаах буолар, оччотугар племенной үлэ оҕустарар, искусственнай сиэмэлээһин тохтуур.

Астыыр  ситим  эмсэҕэлиэ суохтаах

Соҕотуоп­калыыр-астыыр кэ­пэ­рэ­тииптэр сала­йаач­чылара эмиэ итин­ник саныыллар. “Тымныы полюһа” кэпэрэтиип быра­былыанньа­тын бэрэсэдээтэлэ Екатерина Портнягина өссө хас да сыллааҕыта, хотугу улуустарга субсидия “төбөҕө” бэриллэр буолбутугар, харчыны үүккэ ылар быдан ордугун үүтү туттарааччыларыгар итэҕэппитэ. — Субсидияны үүккэ ыллахха, холобур, Дьааҥы улууһугар 100 мөлүйүөн солкуобай кэлэр, оттон төбөнөн бардахха, ити ­аҥаара эрэ буолар, — диир кини. – Биһиэхэ чугас нэһилиэктэр үүттэрэ кэмбинээккэ аҕалыллан астанар, ыраах нэһилиэктэр арыылыыллар уонна ол арыы үчүгэйдик батарыллар. Оттон улууһунан олорчу төбө субсидиятыгар көстөхпүтүнэ, соҕотуопка ситимэ айгырыыр, сүөһү иитээччилэри дохуоттуур, нэһи­лиэнньэни аһатар тэрилтэ суох буола түһэр. Онон, саҥа мэхэньиисимҥэ киирэргэ биир уһуктан нөҥүө уһукка түспэккэ, элбэх сүөһүлээх нэһилиэктэргэ субсидияны үүккэ, кытыы учаастактарга төбөҕө биэрэри толкуйдуурга сү­­бэлиэм этэ.

Инньэ гынан, бу ааспыт сылларга Дьааҥы хаһаайыстыбалара үүт туттаран дохуоттаннылар, кэпэрэтиип сүүс ыанньыктаах пиэрмэ тэринэн бородууксуйатын элбэтэн, тигинэччи үлэлээтэ, өссө да үлэлиэ турдаҕа.

Биһиги сылга 3,8 тыһыынча туонна үүтү тутан астыыбыт, — диир Нам улууһунааҕы “Эрэл” кэпэрэтиип салайааччыта Ньургун Гуляев.Өскөтүн кэтэхтэр үүт туттарбат буоллахтарына, 2,5 тыһыынча туонна эрэ үүтү тутар буолабыт. Оччотугар хайдах былааммытын толоробут, олох­тоох үрүҥ аһынан хааччыллыыны үрдэтэбит? Үүт туттарааччылары кытары көрсөн, бу мэхэньиисим туһунан элбэхтэ кэпсэттибит-дьүүллэстибит. Дьон, “кэтэх” уонна “тэрээһиннээх” диэн араарыы оҥоһуллара сөп, ол эрээри үүтү тэҥ сыананан (60 солкуобайга) ту­­туохха дииллэр. Оттон тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар төбөҕө көрүллэр харчынан сүөһүлэрин эһэр ыаллартан сүөһү атыылаһарга туттарга этэллэр.  

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru.

This post was published on 17.02.2020 17:44 17:44