Бу сокуоҥҥа уларытыы борокуруор бырачыаһыгар сөп түбэһиннэрэн оҥоһулунна. Санатан эттэххэ, борокуруор бырачыаһа 2024 с. алтынньы 22-23 күннэригэр Ил Түмэн тохсус пленарнай мунньаҕар көрүллүбүтэ.
Сокуону федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэр инниттэн сокуон барылын Сокуон 7.2 ыстатыйатыгар маннык уларытыыны киллэрэргэ этиллэр:
«Олохтоох салайыныы уорганнарыгар хорутуллар сир иэнин былааннаныллар туһаныы уонна ыһыы култууратын көрүҥнэрин туһунан сибидиэнньэни киллэрэр ыһыы култууратын көрүҥнэрин туһунан сибидиэннньэни киллэрэр»; «ыһыы култууратын сүбэлэнэр суортарын туһанар»; «тыа хаһаайыстыбатын салайыыга олохтоох салайыныы боломуочуйалаах уорганнарын кытта эргитэн ыһыы үлэтин сөбүлэһиннэрэр».
Сокуон барыла иккис ааҕыыга ылылынна, суруйда Сайаана Львова, Саха сирэ саайт.
This post was published on 28.11.2024 14:08 14:08