- Манна мунньаҕы Хаҥалас улууһун тыатын хаһаайыстыбатын департаменын эдэр салайааччыта С.С.Андреев салайан ыытта, санаатын үллэһиннэ.
- — Бастакытынан, улууспут сирэ-уота үлэлииргэ, оттуурга-мастыырга, оҕуруот аһын, бурдугу үүннэрэргэ уонна Дьокуускайтан чугаспытынан, оҥорон таһаарбыт бородууксуйаны батарыыга суола-ииһэ бары өттүнэн олус табыгастаах. Улууспутугар 15 бөдөҥ хаһаайыстыба, ол иһигэр биэс улахан тэрилтэ — «Бөртө» сылгы собуота, “Нөмүгү агрофирма”, «Эркээнизернопродукт», «Хачыкаат» ТХПК, “Хахсык” ТХПК бааллар. Ынах сүөһү төбөтүн ахсаана, хомойуох иһин, көҕүрүү турар. Үүт сыаната лиитэрэтэ 30 солк. буолан 2015 сыллааҕы былааны аһара толордубут. Кэлэр сылга сиилэскэ, сенажка эбии аһылыкка күүскэ үлэлэһиэхпитин наада. Үлэбин тыа хаһаайыстыбатын эдэр исписсэлиистэрин кытта сүбэ мунньахтан саҕалаабытым, билигин бу эһигини кытта сүбэлэһэн-былааннаан кэлэр сылга үлэни тэрийиэхтээхпит,- диэтэ киирии тылыгар Сергей Степанович.
-
Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин сылы түмүктүүр уонна үүнэр дьылга үтүө көрдөрүүлэри ситиһэр, үлэни былаанныыр кэпсэтиилэр хара ааныттан сытыытык бардылар.
- Бастакынан тылы “ЭркээниЗернопродукт” ХЭТ кылаабынай бухгалтера П.Е.Устинов ылла, «Росагролизинг» ААУо кытта тыа хаһаайыстыбатын техникатын атыылаһаларга быһаччы үлэлэһэргэ санаатын эттэ. Хаһаайыстыбаларга үлэҕэ уопуттаах үлэһиттэр чуолаан тырахтарыыстар тиийбэттэрин бэлиэтээтэ.
- Оттон “Хачыкаат” ТХПК салайааччыта Р.М.Куприянов : «Бэриллэр субсидия көмө харчытын гектарынан буолбакка, туораахтаах култуура төһө иэннээх сиртэн хомуллубутунан биэрэр ордук туһалаах буолуо»,— диэн санаатын эттэ.
- Хаһаайыстыбалар салайааччылара: «Өктөм» ТХПК дириэктэрэ Р.З.Олесов, «Хахсык» ТХПК дириэктэрэ Т.А.Осипова, “Петров Г.Д.” бааһынай хаһаайыстыба бэрэстэбиитэлэ А.И.Петрова, маны сэргэ Ф.И.Адамова, А.В.Егоров “Хаҥалас-Ас” ТХПК дириэктэрэ С.П.Латышев кыһалҕаларын этиннилэр, үлэлэрин былааннарын кэпсээтилэр.
- Тыа хаһаайыстыбатын департаменын тутаах сорудаҕынан, сүөһүнү энчирэппэккэ буолар. Тохсунньу ый 1 күнүнээҕи туругунан, сылгы төбөтүн ахсаана эбиллибит. Кэнники икки сылга, аан дойду экэниэмикэтэ төһө да соччото суох буоллар, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга үбүнэн чэбдигирдии бырагырааматынан министиэристибэ өттүттэн өйөбүл улахан. Онон, олохтоох оҥорон таһаарыы улаатан, үүммүт дьылга олох-дьаһах тупсан, хас биирдии дьиэ-кэргэҥҥэ бэйэ аһа-үөлэ дэлэйэригэр эрэмньи санаалаах тарҕастылар.
This post was published on 19.01.2016 12:26 12:26