2021 сылтан тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорон таһаарааччыларга субсидия биэриитин механизма уларыйыаҕа: үүккэ субсидия кээмэйэ улаатыа, төрүүр ынахха бэриллэр судаарыстыба көмөтө тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга эрэ буолбакка, чааһынайдарга эмиэ тыырыллыаҕа. Сокуон барылын Ил Түмэн бырабыыталыстыбаннай чааһыгар дьүүллэстилэр, СИА суруйар.
Мунньаҕы спикер Петр Гоголев уонна тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин ыыттылар.
2019 сыл ахсынньытыгар Ил Дархан Айсен Николаев Судаарыстыбаннай мунньахха ыҥырыытыгар субсидияны биэрээһин саҥа механизмын тобулалларыгар сорук туруорбута.
СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ олохтоох бэйэни салайыныы уоргаттарыгар тыа хаһаайыстыбатын өйүүргэ боломуочуйалары сүктэрии туһунан сокуоҥҥа эбии көннөрүүлэри киллэриигэ сокуон барылын оҥордо.
«Сокуон барыла субсидия механизмыгар 2021 сылтан уларытыылары киллэрии туһунан. Чуолаан чааһынай хаһаайыстыбаларга төрүүр ынаҕы элбэтии уонна бородууксуйаны оҥоруу иэнин улаатыннарыы буолар», — диэтэ тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов.
Салайааччы эппитинэн, сокуон барылынан олохтоох бюджекка субвенциялар чааһынай хаһаайыстыбаларга сүөһү тутуутун өйүүр сыалтан, 16 муниципальнай оройуоҥҥа тыырыллар.
This post was published on 15.10.2020 12:01 12:01